МИН ПУШКИНЫМ

Пускай умру, но пусть умру любя!

А. С. Пушкин

1

Мин өйдүүбүн дьикти түгэни,

Эн миэхэ маҥнай кэлбиккин…

Оо, эн албан аатыҥ сүҥкэнин

Оччолорго мин билбэтим.

 

Ол ыраах тыаҕа баар оскуола

Уончалаах симик уолугар

Курус хонуулаах хоһоон буолан

Эн киирбитиҥ мин дууһабар.

 

Онтон ыла бэл ый былыттан

Миигин көрдүүрдүү быгара,

Ыраах ааһар чуораан тыаһыттан

Сүрэҕим мөхсөн ылара.

 

Арыт түүн балаҕан таһыгар

Буурҕа оҕолуу ытыыра,

Ийэм сарсыарда уу баһар

Кыысчаан туһунан ыллыыра.

 

Арыт оҕонньор күөх муораҕа

Көмүс балыгы күүтэрэ.

Аһыыттан, абаттан, бадаҕа,

Хараҕым уута сүүрэрэ.

 

Арыт ким эрэ кэрэ кэми

Кэрэһилиирэ долгута:

Табаарыс, эрэн тахсыа кини,

Дьон-сэргэ дьолун сулуһа.

 

Бүгүн баттаммыт норуоттарга

Баҕарар дьолу мин лиирэм,

Ол иһин араас омуктарга

Мин аатым ааттаныа диирэ.

 

Бараллара сыллар биир-биир,

Баһаамныыра баттаҕым хаара,

Ол тухары миигин бигиир

Мелодия дууһабар баара.

 

Кини арыт намылхайа

Грузия курус ырыатыныы,

Оттон арыт чаҕылхайа

Россия сырдык ыратыныы.

 

Кини сылаас долгуннара

Бигииллэрэ санньыйбыт кэммэр,

Кини дохсун долгуннара

Туойаллара айанныыр кэммэр.

 

Мин бэйэм да билбэппинэн

Мэлдьи кинини батыһарым,

Ардыгар аргыый, сэрэнэн

Бэл, бэйэм ыллаһан барарым.

 

Мэлдьи кэрэ, мэлдьи истиҥ,

Өйбүнэн кыайан кууспатым —

Ити соҕотох эн этиҥ

Мин сөҕөр-махтайар Пушкиным!

 

2

Биһиги киммитин-туохпутун

Билэбит атын киһиттэн,

Оттон өйдөөбөт суолбутун

Ол-бу араас кинигэттэн.

 

Хомоҕой тыллаах хоһооннор,

Кэрэ этиилээх кэпсээннэр

Бары аптарын холбооннор

Аймыыллар өйгүн кистээннэр.

 

Долгутар туох эрэ кэрэ,

Тумаҥҥа курдук сылдьаҕын,

Ситини кытары эрэ

Ситимниигин эн дьылҕаҕын.

 

Оннук эн оннооҕор дьиэҕэр

Тугу гынаргын барытын

Ким эрэ быһааран биэрэ,

Ыйа сылдьыан баҕараҕын.

 

Эн хараххар аптаах тыллар

Көстө түһэллэр эмискэ,

Оччоҕо субу арыллар

Олоҕуҥ сайдар кэскилэ.

 

Ол тыллары эт даҕаны

Туох барыта туолуох курдук,

Хор, оннук өс киирбэх арыт

Сайдыаҕын баҕарар омук.

 

Улуу Пушкин эппитинии

Сайдыыны харгыстыыр биир суол,

Баҕар, ол онтон сэрэнии

Бүгүн да наадалаах буолуо.

 

Биһиги сүрэҕэ суохпут,

Билэ-көрө сатаабаппыт…

Бука, оннук да буолуохпут,

Хаайыыта суох хамсаабаппыт.

 

Кыһалҕалаах да эрээри

Кыра аайы кыһаммаппыт,

Бэйэбитин биллэрээри

Бэрт элбэҕи ылыммаппыт.

 

Кыайар-хотор суолбутугар

Туох да сүр диэн сүрэхтээхпит,

Кыайыа-хотуо суохпутугар

Туох да сүүс диэн сүбэлээхпит.

 

Биллэр, маннык көҥүл кэмҥэ

Көрү-нары ордоробут,

Түүнүн-күнүһүн биир тэҥҥэ

Түүл-бит курдук олоробут.

 

3

Киһини иэйэр айыыһыта

Сэрэҕэ ыҥырбат кэмигэр

Оннооҕор талааннаах талыыта

Ордуга суох таах киһитээҕэр,

Ол-бу араас кини айыыта

Оо, элбэх буолааччы кимнээҕэр.

 

Ол иһин даҕаны буолуоҕа

Улуу дьону тыыннаахтарыгар

Сороҕор билбэккэ, бадаҕа,

Соруйан да курдук ардыгар

Үтүөлэрин сөптөөхтүк, таба

Үксүгэр сыаналаабаттара.

 

Баар бөҕө буоллаҕа ким эрэ

Бар дьонун аатырдар аналлаах,

Кини оннугун иһин эрэ

Аанньа ахтыллыбат быһыылаах,

Сороҕу соҕотох сол эрэ

Суорума да суоллуур буолуохтаах.

 

Ол кини хаһааҥҥыттан ыла

Россия бастакы тапталай?!

Тыыннааҕар көмүскээччи суоҕа,

Хата буруйдааччы элбэҕэ,

Ол иһин да кини сойуоҕа

Соҕотох түбэһэн биэрдэҕэ.

 

Ол кини охтуоҕуттан ыла —

Россия бастакы таптала.

Буруйдааччы букатын суоҕа,

Аһыйааччы ааһа элбэҕэ,

Норуот тапталын күүһэ-уоҕа

Итиннэ чахчы көһүннэҕэ.

 

Россия бастакы таптала,

Россия бастакы махтала

Таҥараҕа маарына суоҕа,

Кини сирдээҕи киһи этэ,

Ол иһин да чугас буолуоҕа

Биһиэхэ хас биирдии этиитэ.

 

4

Былыттаах эрэн тымныы да киэһэ,

Халлаан номнуо хараҥаран барда,

Бадаҕа, бары киирбиттэр дьиэҕэ,

Барааччы-кэлээччи суох таһырдьа.

Баччаҕа дьиэм иһэ барык-сарык

Уонна тоҕо эрэ олус чуумпу,

Ол эрэн түннүгүм өссө сырдык,

Ол иһин дуу кэлэн биэрбэт уум бу…

Хараҥаҕа иһийэн сытаммын,

Ханнык тыаһы мин истэн ылабын?

Аанньал дуу, көтөр түннүк таһыгар,

Арыт охсулла кини тааһыгар.

 

Улуйар таһырдьа силлиэ-буурҕа —

Олунньу диэн олунньу буоллаҕа.

Хара былыттар хаардыы көтөллөр,

Хара буурҕалар хаары тибэллэр.

Ойууну дуу бу маннык көмөллөр,

Удаҕаны дуу эргэ биэрэллэр?

Ханнык эрэ мастар лабаалара

Хамсыыллар түннүкпэр далбаатаһа.

Хараҕым дуу ирим-дьирим иирэн,

Хас да күннээҕи сылаам дуу киирэн

Нухарыйан барабын быһыылаах,

Туох эрэ саҥа иһиллэр ыраах…

 

Хараҥа. Ыарахан сүрэххэ.

Ханна барыахха, тугу гыныахха?

Хара Үрэххэ, Хара Үрэххэ.

Хайаан да дуэльга ыҥырыахха.

Ыраастап ыраас Мадонна чиэһин

Ыыс хара дьайыттан көмүскүөххэ,

Таах маннык таайа сылдьыах кэриэтин

Таптаран сонно, баҕар, өлүөххэ…

Итии таптаһыы суох буоллаҕына,

Икки сүрэҕи эрэллээх гына

Эр-ойох эбээһинэһэ эрэ

Истиҥ оҥортообото биллэрэ.

 

5

Ыраахтааҕы эргимтэтэ ыыра иирдэ,

Хобу-сиби тарҕатан хобугураата.

Ол иҥсэлээх уот буулдьа буолан

иһиирдэ,

Улуу поэт оҕутта хомурах хаарга.

Хара Үрэххэ итини кытта

Халлааны-сири хараҥа сабардаата —

Россия поэзиятын күнэ киирдэ,

Аһыйан оннооҕор айылҕа ытаата.

Ураалга, Капкааска уонна киэҥ Сибииргэ

Уонунан омугу бу сурах аймаата,

Оччоҕо поэты билбэттэрэ дииргэ

Урут да, хойут да орун суох ол аата.

 

Оттон кэргэнэ кинини кэриэстиирэ

Лэгиэндэ буолан тэнийбитэ ыраахха.

Кэрэ Натали тиһэх күнүгэр диэри,

Кэмсинэн буолаахтыа, буруйа суох аата

Буруйдаахпын, ол эрэн ырааспын диирэ,

Бээтиниссэ аайы мэлииппэтин ааҕа.

Кинини, бука, суобаһа эрэйдиирэ,

Таҥара ону бырастыы гыныахтааҕа,

Биллэр этэ кэлин да мөккүөр элбиирэ,

Ол мөккүөр киинигэр кини туруохтааҕа —

Сорох көмүскүүрэ, сорох сэмэлиирэ,

Кырдьык эрэ бу маны быһаарыахтааҕа.

 

Бука, үп-харчы туһугар үлэлииргэ

Поэкка суох этэ ханнык да талаана,

Хоһоонньут кураанах киһи диэн сэнииргэ

Төрүөт, арааһа, төһө баҕарар баара.

Тапталын туһунан Дантес тылга тииһэ

Тааҕы-таах киллээртэ Наталины саакка,

Хоп-сип итинэн холуоннук элэктиирэ,

Ол аайы поэт оргуйара харааста.

Хара Үрэххэ кини хабыр киирсиигэ

Хайаан да өстөөҕүн өһөрүөх тустааҕа,

Онто бу атыннык эргийдэҕэ биирдэ —

Улуу поэт охтубута тоҥуу хаарга.

 

6

Улуу дьоннор бэйэлэрин

Олорбут кэмнэриттэн

Ааһаннар үйэлэри

Аатыраллар хат тиллэн.

 

Кинилэр кэпсии-ипсии

Кэлэллэр кинигэттэн

Киһи эрэ кэрэхсиир

Кэс тылларын эппитинэн.

 

Аптаах тыл сабыдыала

Күүстээх хаһан баҕарар —

Поэзия дьиҥ сыала

Итиннэ буолуо, баҕар.

 

Улуу дьон этэн барбыта

Иһэ-истээх былыргыттан,

Өйдөнүөх курдук барыта

Өйдөнөр ол тыллартан.

 

Киһи сайыннар сайдан

Гений диэн кимин билэр,

Кэрэ тыл тыына сайан

Кинини онно тиэрдэр.

 

Бэйэтин сайдыытынан

Пушкин кимий диэтэххэ,

Кини икки сүүс сылынан

Кэлиэхтээх нуучча киһитэ.

 

Ити Гоголь этиитэ

Туолла дуу, туолбата дуу?

Икки сүүс сыл кэлиитэ

Оннук киһи баар дуу, суох дуу?

 

Ол эрэн талаанынан,

Ол эрэн тапталынан

Пушкины билиҥҥитэ,

Бука, ким да сипиэтэ.

 

Кини саамай таптыыра

Кэрэ музата этэ,

Оттон саамай сатыыра

Улууну айыы этэ.

 

Киһи айылҕатыгар

Кэрэ айылларыгар

Икки сүүс сыл устата

Туох да уларыйбата.

 

«Алтан Аттааҕын» курдук

Аан дойдуну одуулуу

Пушкин улуутун курдук

Бүгүн даҕаны улуу.

 

Уонна, дьиҥ чахчытынан,

Ол улуутун таһынан

Кини курдук амарах

Гений-поэт аҕыйах.

 

7

Уот куйаас уонна муус тымныы

Икки маарыҥнаспат дойдулар

Тыыннарын холбоон тырымныы

Кини сүрэҕэр умайаллар.

 

Хантан хааннааххын диэтэллэр,

Хаарыан Африкаттан диэх этэ,

Кимтэн кииннээххин диэтэллэр,

Кэрэ Россияттан диэх этэ.

 

Ол эрэн дьиҥэр, диэх этэ

Мин дойдум — аан дойду барыта,

Аан дойду дьоно-сэргэтэ

Барыта мин дьонум ол аата.

 

Аатырбыг Саади аймаҕым,

Онидий, Байрон урууларым,

Ол иһин да мин айдаҕым

Эмиэ айымньы улууларын.

 

Хаар-буурҕа ытыыр дойдута

Хараҕын аһарын туһугар

Бастатан кини туойбута

Көҥүлү-дьолу хоһоонугар.

 

Онтон ырыаһыт нарына

Тапталы туойан долгуппута,

Эппэт-көҕүрэппэт гына

Этэттээн дьон кутун тунпута.

 

Модун, кэрэ нуучча тыла

Муударай санаанан туолбута,

Муора курдук оонньоон ыла

Мунугуур чыпчаалын булбута.

        

Уон омук өйө-санаата

Уоттаах тылтан уһуктубута,

Оттон кини улуу аата

Россия суобаһа буолбута.

 

Кини турар таптыыр

Москватын Хабайар хаба ортотугар,

Ситэри эппэтэх санаатын

Ситтэрбэт уһун соноругар.

 

Кини бүгүн кэриэһинэн

Айар дуу айымньы кэрэтин,

Төлкөтүнэн, иэйиитинэн

Түмэ бииргэ дьонун-сэргэгин…

 

Мин ыраах Саха сириттэн

Киниэхэ бу кэлэн турабын,

Таптал сибэккилэриттэн

Таламмын долгуйа уурабын.

 

Улуу Пушкиҥҥа оннук эрэ

Уураллар дьикти букеттары —

Суох, кини баар буолуо бу сиргэ

Биир поэг тыыннааҕын тухары!

 

1999  сыл

Перейти к содержимому