Украина сиригэр охтубут убайым
Егор Егоров сырдык кэриэһигэр аныыбын
Отутус сыллар..
Мин мэлдьи истиҥ иэйиинэн
Киэн туттабын ол кэминэн —
Ол кэм кэрэ киһитинэн.
Кини кимий? Кимий ол кэм
Ааттаах-суоллаах активиһа,
Хорсун-хоодуот комсомола?
Кини — ол кэм хас биир кыыһа,
Кини — ол кэм хас биир уола…
Уонунан уолтаах сыллартан
Ол кэми ойутан ылан,
Мин уруй-айхал тылларын
Этиим эһиэхэ, сылларым!
Модун да музыка тыаһыыр,
Ыраас ыстааллыы льпгкыныыр,
Ыраах да кини ыҥырар —
Оо, улуу отутус сыллар!
Эһи дьиппиэн хардыыларгыт,
Эһи ньиргиэр ырыаларгыт
Эстэр буомбаҕа буолбакка —
Эдэр сүрэххэ, суобаска
Муспут күүстэрин-уохтарын
Баһыйар күүстэр суохтарын
Аан дойдуга билбиттэрэ
Алдьархайдаах сэриигэ эрэ…
Дьөгүөссэ
Көдөй ыалын Дьөгүөссэтэ
Быйыл сааһа сүүрбэччэтэ.
Кини, дьоно кыаммат буолан,
Эрдэ булта үлэ суолун,
Хайыай ытыыр сүрэҕин —
Хаалларбыта үөрэҕин.
Кини, кыра баҕайы
Элбэх оҕо — убайа,
Ыарытыйар аҕатыгар
Ыксаабыта көмөҕө:
Уон биэһигэр-алтатыгар
Үлэ-хамнас бөҕөҕө.
Оччолорго колхозтарга
Уохтаах үлэ оргуйара,
Онно ыччат эриллэрэ,
Кимэ-ханныга биллэрэ.
Оттон сааһынан өссө
Олох оҕо Дьөгүөссэ —
Сайын туруу отчута,
Кыһын чулуу булчута.
Арыт кини куораттыыра
Табанан куруус таһа:
Аны тыаны абырыыра
Куорат аһа-таҥаһа.
Уолчаан дьиэтигэр баарыгар
Быыс эрэ буллар ааҕара —
Икки хоппо кинигэтэ
Кини баар-суох мала этэ…
Оо, ол дьоллоох киэһэлэр
Дьону түмэр да этилэр —
Уолчаан борук-сорукка
Үөрэтэрэ сурукка.
Дьоно тылы маҥнай ааҕан
Сирэйдэрэ сырдыыра…
Хараҥа, өйтөн-санааттан,
Халбарыйа хамсыыра.
Дьннор бүтэн бараллара,
Оһох уота умуллара,
Балаҕан муус түннүгүнэн
Ый быгара күлүгүрэн.
Уолчаан уута кэлбэтэ —
Кини умнан биэрбэтэ
Биир кыыс кэрэ мичээрин
Килбигийэ кистиирин…
Онтон ыла санаатыгар
Кини онно талаһар:
Куораттаан истэххэ, аара,
Үчүгэйиэн ол кыыс баара…
Көдөйдөр биир тымныы ыйга
Көспүттэрэ Тыымпынайга.
Дьөгүөссэ таһаҕас таһар
Таба тала, кэлэр-барар.
Кини оҕо мэнигэ
Оччо хаала илигэ:
Сүүрдүү турку табаны
Сөбүлүүрэ даҕаны!
Кини күндү Көдөйүнэн
Тыымпынайтан Чынаҕа,
Көҥүл таба көлөтүнэн
Көтүтэрэ астына!
Көтөллөрө эмиэ оннук
Күннэр-дьыллар. Сыл да хонук…
Аны күһүн Дьөгүөссэни
Аналлааҕа көссүө ини…
Онно, куорат суолугар,
Ол кыыс аймах дьонугар,
Сыарҕа хаара түһүүтэ
Күүтэллэрэ күтүөтү.
Дьөгүөссэ дьоһун дьолугар
Ол күтүөт — кини этэ!
Ону баара, ол сыл — соһумар
Түөрт уон биирис сыл этэ…
Атаарыы
Ытыыр да баара, ыллыыр да баара
Аймалҕан, аһыы ортотугар:
Мустубутгара алгыы, атаара
Торҕо күөх толоон ортотугар.
Мииммиттэр бүгүн ахсым аттары
Бэҕэһээҥҥи мэник уолаттар,
Уоран түспүт өстөөҕү утары
Уор, тыйыс санаанан туолбуттар.
Манна урут ким да көрбөтөҕө
Маннык туруммут уолаттары,
Оттон бүгүн ким да сөхпөтөҕө
Бу уларыйбыт уолаттары…
Эн тыа, эн үрэх баһын оҕото;
Эн булчут, сонордьут бастыҥа;
Бүгүн эн, эйэлээх сир оҕото,
Өстөөҕү өһүөннүү барсаҕын!
Ол өһүөн, уолчааммыат, эн сүрэххэр
Уон төгүл күүһүртүн тапталгын!
Бу күөх тыаҕар, бу чуумпу үрэххэр,
Бу улуу дойдугар тапталгын!
Хаһан эрэ эн сиргэр охторо
Эдэркээн нуучча, латыш, грузин…
Доҕордуу биир кэргэн оҕолоро,
Турдугут эмиэ көҥүл иһин!
Бараллара бастакы хомуурдар
Суһаллык, барыны быраҕан:
Хаалаллара хотуулаах хотуурдар,
Хоннохтоох холлортон араҕан.
Хаалаллара кыракый оҕолор,
Кырдьаҕас ийэлэр, аҕалар…
Хаалаллара хас киһи олоҕор
Баар бастыҥ баҕарар баҕалар.
Хаалаллара төрөөбүт сирдэрэ
Кинилэри күүтэ, сайыһа…
Ыраах суолга барааччы ол эрэн
Көрбөтүн дуу, кэннин хайыһан.
Барбьгггара ырыа-тойук буолан,
Дьон-сэргэ сүргэтин көтөҕө,
Бары көрдөөх-нардаах, дохсун-дуолан,
Туус маҥан аттары мөхтөрө.
Тулаайахсыйбыта толоон иһэ,
«Тугуй?!» — диэбиттии турара күн…
Ыраах сэрии иэдээнэ, илбиһэ
Ити манна кэлбитэ бүгүн…
Үс муннук үс сурук
«Күн сиригэр күндүтүк саныыр
дьонум,
Ыраах сылдьар уолгут аатьптан
Итии сылаас эҕэрдэтэ тутуҥ!
Бу суруйабын окуопаттан.
Билигин да куһаҕаммыт:
Чугуйабыт өс-саас өһөҕөр.
Өстөөх тугу да аһыммат,
Барытын өлөрөр-өһөрөр.
Уматалыыр куораттары,
Өлөртүүр хараҕар көрбүтүн.
Ол эрээри бу тухары
Бэринэр киһини көрбөтүм.
Биһиги бүгүн аан маҥнай
Өстөөҕү үстэ тохтоттубут,
Көрө сытан, дьэ аан маҥнай
Өстөөх бөҕөнү охтордубут.
Оо, хаһан! — күүтэбит аҕай, —
Хаһан кыйдыыбыт бу ыттары!
Мин бэйэм бүтүммүн. Арай
Бэргэһэбин дьөлө ыттардым…
Эһи олус айманымаҥ:
Сороҕор суруйар түгэн суох.
Бачча ыраах сиргэ ама
Өлөөрү кэлиллиэ этэ дуо…
Дьэ оннук. Көрсүөххэ дылы.
Эһиги этэҥҥэ олоруҥ…
Киниттэн биир эмэ тылы
Ким миэхэ аҕалыай?.. Суруйуҥ».
«Күн сиригэр күндүтүк саныыр
дьонум,
Ыраах сылдьар уолгут аатыттан
Итии сылаас эҕэрдэтэ тутуҥ!
Бу суруйабын окуопаттан.
Ийээ, бүгүн мин ытаатым…
Бүгүн мин киһини өлөрдүм…
Немец эдэркээн саллаатын
Ыстыыгынан анньан өлөрдүм.
Ол барыта эмиск этэ…
Ойуурга көрсүһэ түспүппүт,
Ытыалаһа оонньуур суох этэ —
Ыстыыкпытынан түһүспүппүт.
Кини улахана бэрдэ,
Миигин биирдэ түһэ сыспыта.
Хата мин аһаран биэртим —
Киһи эрэ буоллар сыыспыта.
Ийээ! Кини өлөрүгэр,
Бадаҕа, ийэтин ыҥырда —
Хараҕын уута үлүгэр,
Сайыспыт оҕолуу, халыйда…
Онно мин эмиэ ытаатым…
Тоҕо мин бу уолу өлөрдүм?
Кини өлөн — мин тыыннаахпын!
Ол аата — өлүүнү өлөрдүм!
Өссө биир куораты ылса —
Биһигини субу илдьэллэр.
Чэ, манан бүтэбин. Ыксал.
Суругу хомуйан эрэллэр».
«Күн сиригэр күндүтүк саныыр
дьонум,
Ыраах сылдьар уолгут аатыттан
Итии, сылаас эҕэрдэтэ тутуҥ!
Бу суруйабын окуопаттан.
Үтүөрэн чааспар төнүннүм.
Өстөөҕү үүрэбит арҕаҕар.
Кыайыы кытыастар төлөнүн
Көрөбүт Ийэ сир саҕаҕар!
Манна саас. Күргүөмнээх күөх саас,
Син биһиэхэ курдук, долгуйар.
Санаабар, бэл диэтэр, кус-хаас
Сан ата чугаспар оргуйар.
Биһиги бүгүн Ийэ сир
Иһийбит иэниттэн тахсабыт:
Фашистан самныбыт бары сир
Бар дьонун босхолуу барабыт.
Сэрии сотору бүтүөҕэ,
Олоҕу тутуохпут эргиллэн.
Ийээ, эн хата күһүөрү
Кийиити көрсөргө бэлэмнэн…
Миэхэ, күөрэгэй чыычаахтыы,
Көтөн кэлэр кини суруга —
Миигин сылаастык кууспахтыыр
Күүтэр олох дьоло-соргута!
Чэ, манан бүтэбин. Эмиэ
Сир-халлаан — силлиэ да
холорук…
Күүтүҥ! Мин өтөр эргиллиэм,
Оччоҕо кэпсиэҕим толору».
Мин өйдүүбүн…
Мин өйдүүбүн, бэҕэһээҥҥи курдук,
Ол хараҥа сайыҥҥы күнү,
Ол аһыылаах сайыҥҥы күнү —
Мин өйдүүбүн, бэҕэһээҥҥи курдук…
Ол күн биһиэхэ, сурук аҕалан,
Сэбиэппит бэйэтэ кэлбитэ,
Сэрэнэн «биллэрии» диэбитэ, —
Ол күн биһиэхэ, сурук аҕалан.
Ийэм эмискэ дөйбүт курдуга…
Арай хараҕын уута эрэ
Ол туппут суругар түһэрэ.
Ийэм эмискэ дөйбүт курдуга…
Ити аата өллөҕө убайбыт.
Күн аайы күүтэр да этибит!
«Эргиллэн иитэлиэх киһибит» —
Ити аата өллөҕө убайбыт.
Оттон быһаас ойуурга… аҕабыт…
Ыалдьа-ыалдьа куобахтыы сылдьан,
«Оҕолорум туһа» диэн сылдьан —
Оттон быһаас ойуурга… аҕабыт…
Онтон ыла көмүлүөк иннигэр
Дьонум куобаҕы сүлбэттэрэ —
Дьоро киэһэлэр бүппүттэрэ
Онтон ыла көмүлүөк иннигэр.
Оннук хаалбыппыт олох тулаайах
Ийэбитин кытта кыралар.
Ийэ сирбит, эн ыар сылларгар
Оннук хаалбыппыт олох тулаайах.
Эн эрэ күннэтэ көмөҕүнэн,
Оо, төрөөбүт Ийэ дойдубут!
Биһиги дьон-сэргэ буолбуппут
Эн эрэ күннэтэ көмөҕүнэн!
Ол эрэн умнуоҥ дуо хаһан эрэ
Эн сүрэх өйдөөбүт өлүүтүн,
Эн сэрии аҕалбыт өлүүтүн
Ол эрэн умнуоҥ дуо хаһан эрэ…
Мин өйдүүбүн, бэҕэһээҥҥи курдук,
Ол хараҥа сайыҥҥы күнү,
Ол аһыылаах сайыҥҥы күнү —
Мин өйдүүбүн, бэҕэһээҥҥи курдук…
Ийэ
Хас сыл ааста онтон ыла?
Оттон ийэ өссө да күүтэр —
Төрөөбүт буорунан ылан
Түөһүн саппатах уолун күүтэр.
Уутун көтүппүт уһун түүннэргэ
Оо, ийэ арааһы саныыра,
Оҕото тыыннааҕын эрэ
Оҥорон ыралыы сатыыра.
Сороҕор уола бааһыран
Оронтон саҥардыы турара,
Сороҕор кимин быһааран
Биэрбэккэ, омукка мунара.
Сороҕор кэп-дьүһүн буолан
Оҕото киниттэн саһара,
Оччоҕо ийэтэ уолун
Бу баардыы ьпгыра сыһара…
Тыыннаах эрэ буоллун кини!
Онтон ордук дьол суох ийэҕэ!
Ол улуу тапталын иһин
Сүгүрүй эн, киһи, ийэҕэ!
Ийэ эрэйин ким билиэй?..
Биллэр, арай, ийэ кэрэтэ!
Оттон кини бу түүн эмиэ
Хараҕын биирдэ да симпэтэ.
Ол да буоллар бастакынан
Бу сарсыарда ийэ туруоҕа,
Кинини көрөн, астынан
Аан дойду үөрүүнэн туолуоҕа!
Сааскы күн сандааран тахсар
Саргылаах олох түбэтигэр.
Санаа-оноо самнан саһар
Ийэ сүрэҕин түгэҕигэр…
Оо, киһи аймах!
Эн аламай маҥан күнүҥ
Илгэлээх, итии күлүмүн
Ийэ буоргар куттаҕына —
Көрүҥ күргүөмнээх даҕаны!
Оо, киһи аймах!
Эн сибэккилээх сир ийэҥ
Ситэн-хотон, сириэдийэн,
Силигилээн турдаҕына —
Үөрүүҥ үлүскэн даҕаны!
Оо, киһи аймах!
Эн сырдык сыалгын уруйдаан,
Ыраас ыраҕын тускулаан
Чуор ырыа дуорайдаҕына —
Доҕордоһоҕун даҕаны!
Оо, киһи аймах!
Эн өркөн өйүҥ булуута,
Нарын тарбаҕыҥ тутуута
Аар саарга аатырдаҕына —
Аймахтаһаҕын даҕаны!
Оо, киһи аймах!
Ол эрэн эн иһэр суолуҥ
Омоон да ыллыга суоҕун,
Дабайар үрдүк очуоһуҥ
Олуга, кэрдииһэ суоҕун,
Оо, киһи аймах!
Ол иһин арыт мунаҕын,
Охтоҕун, эмиэ тураҕын,
Ардыгар олох сууллаҕын —
Суолгун саҥалыы суораҕын…
Оо, киһи аймах!
Сайдыы ол оннук сокуоннаах:
Хас хардыы аайы моһуоктаах.
Эн, ол буомнары туорааҥҥын,
Булгу аһыаҕыҥ дьол аанын!
Оо, киһи аймах!
Ол эрэн аан дойду бүгүн
Утуйбат-олорбот сүгүн…
Эн эмиэ хара суордарга
Утуйар уугун уордардыҥ!
Оо, киһи аймах!
Үөрэх үрдүк ситиһиитэ
Өлүү сэбэ буолла биирдэ!..
Эн бэйэҥ бэйэҕин эһэр
Бэлиэҕэр кэллиҥ, тиһэҕэр!
Оо, киһи аймах!
Халыйар хааны утары,
Хара өлүүнү утары
Харыстаа сиргэ Эйэни!
Харыстаа сиргэ Эйэни!
Оо, киһи аймах…
1985 сыл