МИН УЛААППЫТ АСТАРЫМ

Бүгүн бу Дьокуускайга

Мин улааппыт астарбын

Сайын кэлэн ойуурга

Санаан-ахтан астынным.

 

Дойдум куһун амсайдым,

Үөлбүт балыгын сиэтим.

Аһаан-сиэн асхарыйдым,

Махтал-баһыыба эттим.

 

Оо, эмиэ өйдүү-өйдөөн

Оҕо сааскын эн санаа:

Ол аата эн Көдөйдөө

Эбэтэр Тыымпынайдаа!

 

Онно дьоммут үтүөтүн

Уоттаах сэрии ылбыта.

Хоргуйан өлүөхпүтүн

Кус, балык быыһаабыта.

 

Оҕо-дьахтар аймаҕа

Тиргэлиирэ, туулуура.

Куһа диэн аҕыйаҕа,

Куобаҕы син бултуура.

 

Ордуох курдук туох баарын

Тута ууран иһэрэ,

Олус кэмчи буолааһын

Уһун тыынныан билэрэ.

 

Буспут, үөлбүт балыгы

Хатарара куурдарга,

Быстыаҥкаҕа ол аһы

Быһаарара уурарга.

 

Ол хохтуттан, барчаттан

Эмп курдук дьон ылыаҕа,

Хоргуйууттан, аччыктан,

Хор, ол эрэ быыһыаҕа.

 

Бурдук сыыһа хаһааһын

Бутугастаан дуу сиэҕэ,

Өһөх хааһы, тар хааһы

Үтүө да астар диэҕэ.

 

Оттон аны ол астар —

Умнуллубут сурахтар.

Кэлин саатар кус, балык

Кэм баар буоллар дуу ханнык!

 

Мин улааппыт астарым

Биирдэ үөрдэр этилэр,

Билигин да бастарын

Биллэрбэттэр кинилэр.

Перейти к содержимому