МУННЬАХ

«Биир өй үчүгэй, оттон икки ордук».
Өй-санаа мунньаҕар мөккүөр бөҕө!
Хас биирдии киһи, хас биирдии бөлөх
Этэр тыллара эмиэ да сөп курдук.
Үчүгэй тыл үгүс — кырдьык соҕотох.
Ол эрээри бэл ону мэктиэлиир
Бэйэтэ эппитин кырдьык — бу диир,
Билиниэн баҕарбат атыны олох.
Ол мөккүөр уотугар «арыыны кутар»,
Умайан турар хабыр киирсиһии,
Кириитикэлэһии, кириэтэһии —
Туох буолбата баарай кыайыы туһугар!
Бу маннык мөккуөргэ үөскээбит кырдьык
Уокка умайбат, ууга тимирбэт.
Оттон өй уоскуйар диэни билбэт,
Ол курдук наадалаах киһиэхэ кырдьык.

Перейти к содержимому