НЬЫГЫЙЫК

Аана диэн кини эдьиийэ,

Сэмэҥкэ диэн быраата,

Уйбаан диэн уолчаан бэйэтэ,

Ньыгыйык — таптал аата.

 

Дьонноро сарсыарда эрдэ

Бары оттуу бараллар,

Ыал аайы курдук, кинилэр

Дьиэһит буолан хаалаллар.

 

Ханна эрэ сэрии барар,

Оттон манна — күөх сайын.

Сугун, онтон отон буһар —

Хомуй сириҥ быйаҥын!

 

Сэмэҥкэ, Ньыгыйык, Аана —

Сир аһыгар булчуттар,

Сирэйдэрэ отон хаана,

Сиэминэлэр — аччыктар.

 

Сир аһын буһуута ол иһин

Оҕо аймахха — үөрүү:

Сугуннаах күөрчэҕи сиэһин,

Отон-хааһыны өрүү.

 

Хомуйаллар биирдии-биирдии,

Ардыгар бөлөх-бөлөх,

Эриэн ынах тириитинии,

Эргиччи отон бөҕө.

 

Аана, Ньыгыйык, Сэмэҥкэ

Куоталаһан тураллар,

Маҥнай утаа тэбис-тэҥҥэ

Бадьыырдарын куталлар.

 

Бэрт сотору эдьиийдэрэ

Биллэ-көстө куоталыыр,

Бэрдин бэрт Сэмэҥкэ эрэ

Син мээнэ барса сатыыр.

 

Онтон дьэ түмүк оҥоро

Олороллор дүлүҥҥэ,

Онно Ньыгыйык отоно

Олох суоҕун кэриэтэ.

Бачча улахан эрээри

Манна кыра оҕолуу,

Бараатаҕа кини кэмин

Маһы-оту одуулуу.

 

Саһархай, күөх сэбирдэхтэр

Сараадыһа көтөллөр,

Саһыллар, тииҥнэр, бэдэрдэр

Санаатыгар көстөллөр.

 

Ойуур олоҕо кистэлэҥ,

Ол кинини абылыыр,

Илиитин эрэ иминэн

Отоннору харбыалыыр.

 

Хара тыа таайбыт курдуга

Кини ыардык ыалдьыаҕын,

Хаһан эрэ аан дойдуга

Хараҥаҕа сылдьыаҕын.

 

Булгуччу, диир курдук кини,

Бу маны өйдөөн кэбис,

Бу көстүү эн өйгөр кэлин

Бу баардыы тиллиэ иккис.

 

Оттон Ньыгыйык эрэйдээх

Ону эрэ билбэтэ,

Арай отоҥҥо эдьиийдээх

Быраатыгар тиийбэтэ.

Перейти к содержимому