Мин сырдык олоҕу оҥорсо сатаан,
Үтүө туһа диэммин, үөрүү туһа диэммин,
Күннэри-түүннэри үлэлээн-хамсаан
Үрүҥ-хара көлөһүммүн тоҕон биэртим.
Ол эрэн бүгүн ол үлэм барыта
Көдьүүһүн оннугар күлүүнэн эргийдэ.
Олох күүгэнэ оргуйан таҕыста,
Дьэбэрэтэ-бадараана дэбилийдэ.
Кэрэ ыраларым кэхтэн хааллылар,
Улуу тутууларым урусхал буоллулар,
Хара күлүктэр харса суох хаамтылар,
Ыһарын ыстылар, тоҕорун тохтулар.
Дьэ эбитээ, доҕоор! Сорох-сорохтор
Тэлгэнэ сытар баайтан тииһинээрилэр,
Уостарын-тиистэрин сотто-соттолор,
Оо, бу кэми олус да биһирээтилэр!
Солоҕой үбү суйдаан ылаарылар
Сокуон бөҕөтүн суруйан кэбистилэр,
Суобастарын сууйан ыраастаарылар
Аартык аайы араатардаан кэҕистилэр.
Норуот баайын-дуолун толук туттаннар
Арҕаа-илин араас диэн атастаннылар,
Дьиҥнээх тэҥ быраабы тэпсэн тураннар,
«Демократтарбыт» — дии-дии чабыланнылар.
Кэрэ олоҕу кэскиллии сатаабыт
Кинилэр урут киэн туттар дойдулара
Ити аайы уйулҕата хамсаабыт
Элбэх оҕолоох ийэлии долгуйара.
Төһөлөөх сыратын-сылбатын биэрэн
Улаатыннартаата этэй кинилэри!
Ол бэйэлээхтэрэ олох эргийэн
Барытын умнаннар бардахтара ити.
Хоргутан да төһөнү хоргутуоҕай
Таптыыр оҕолоро таҥнаран биэртэрин,
Буруйдаан да ол кими буруйдуоҕай
Буруйа моттойоҕо эбээт мэлдьитин.
Ким-ким туһунан кэпсииллэрий ити
Харчыны көрдө да харааччы иирэр диэн,
Туох-туох туһунан туойалларый ити
Арыгыны батыһан алдьаннаҕа диэн?..
Түүйбэтэҕиҥ да түбүлээн кэлэрэ
Төһө да баҕарбатаҕыҥ иһин түргэн эбит.
Төлкөҥ төннөрө, кэскилиҥ кэхтэрэ,
Үтүө санааҥ өлөрө өр буолбат эбит.
Ол иһин да бастаан ити барыта
Аана суох алдьархай курдук көстүбүтэ.
Айыы кыыһа аанайдыы ытаабыта,
Абааһы уола алларастыы күлбүтэ.
Аан дойду тутула айгыраабыта,
Орто дойду олоҕо огдолуйбута,
Айааччы-тутааччы аҕыйаабыта,
Оттон үлэни оонньуу-көр солбуйбута.
Аас-туор олох ааммытын тоҥсуйбута,
Аан дойдуну аһатаргыт диэбэтэҕэ.
Эҥин да иэдээни дьон тулуйбута,
Инчэҕэй тирбэҕэ быстан биэрбэтэҕэ.
Киһи, кэм көрдөбүлүгэр буолан,
Аны адьас да атыннык олорбута,
Оннук кини уларыйыы суолунан
Оҥоруо да суох хардыытын оҥорбута.
Биирдии хардыыны тэйэ-тэйэ киһи
Иккилии хардыыны иннин диэки барар,
Оннук эрэ сайыннаҕына кини
Улуу сыалын ситиһиэҕэ буолуо баҕар.
Кэлин да уларйыы кэлэ туруо,
Ол аайытын ороһуйан испэт ордук:
Албын, сымыйа аллараа дьуоҕуруо,
Арыы үрдүгэр уу дагдайбатын курдук.
Олох итинник тэйэн ыла-ыла,
Хайаан даҕаны иннин диэки хардыылыыр
Аара хаалар ааспыт кэм санабыла,
Инниҥ барыта илин саҕахтыы сырдыыр.
Оттон эн урукку олоҕуҥ бүтэн,
Саҥа олох саҕаланна диириҥ сыыһа:
Ханнык да уларыйыы түмүгүнэн
Хайаан да буолааччы кини салҕаныыта.
Олох үрдүкү таһымҥа тахсыыта
Ол хайдах киһини үөрдүбэтэ кэлиэй,
Ол эрэн кини түһүүтэ-тахсыыта
Хас төгүл өссө хатыланыан ким билиэй?
Күүгэн төһө да муоралыы бааллырдар
Көбүөхтүү түһэн баран сотору уостар.
Эрэй-буруй да эмиэ оннук ааһар,
Хаалар арай хабархай амтана уоскар.
Үтүө туһа диэн үлэ-хамнас эрэ
Үүнэр үйэбит үөрүүтүнэн буолуоҕа.
Ыраах кэмнэртэн кэлбит ыраас, кэрэ
Ырабыт кэмниэ кэнэҕэс дьэ туолуоҕа.
2000 с.