ОО, МИН КИНИГЭЛЭРИМ!..

Оо, мин кинигэлэрим эрэйдээхтэр

Олус даҕаны курус сирэйдээхтэр!

Сыталлар кинилэр сыыһа көрүллэн,

Сыымайдаммакка быылынан бүрүллэн, Куһааҕарык буолабын мин итинтэн

Куруутун аайы, маҕаһыыҥҥа киирэн.

 

Хаһан даҕаны аан маҥнай ааҕааччы

Хайҕаммыт кинигэлэри ылааччы,

Кимиэхэ да биллибэт суруйааччы Кинигэтэ кэмэ суох өр турааччы,

Арыт ол туран биирдэ мэлийээччи:

Ас амтана амсайдахха биллээччи.

 

Хас биирдии санаам сэһэнэ сиэдэрэй,

Хайаан ама ону дьон да сириэҕэй?

Хас биирдии тылым мэктиэтэ бэрт чуолкай Хайаан ону дьон ылыммат буолуоҕай! Итинник эрэ буоллар диэн эрэнэн,

Эйиэхэ анаан суруллар кинигэм.

 

Перейти к содержимому