ОСКУОЛА

Ол көстөр оскуола дьиэтэ.

Кытыастар кыһыл былаах.

“Чэ, тукаам, кэллибит”, — диэтэ

Ийэтэ, өрө тыынаат.

 

Бүгүн олоххо үктэннэ

Кини кыракый уола.

Бүгүҥҥү, сарсыҥҥы күҥҥэ

Туох эрэ күүтэр буолла?..

 

Үөрдүө оҕото кэлин

Үөрэхтээх киһи буолан.

Хомотуо дуу биитэр кини

Куһаҕан аатын ылан?..

 

Бүгүн олоххо үктэннэ

Кини кыракый уола,

Бүгүҥҥү, сарсыҥҥы күҥҥэ

Туох эрэ күүтэр буолла?..

 

Чуораан чугдаара ыҥырда

Оҕону ырыых-ыраах,

Ийэтэ аргыый саҥарда:

“Чэ, тукаам, үөрэн кытаат!”

 

Саамай улахан түннүктээх

Саамай улахан дьиэ

Санааҕа саамай үйэлээх

Саамай кэрэ бэлиэ.

 

Улахан уу-чуумпу кылаас,

Саҥа кинигэ сыта

Уонна учуутал сып-сылаас

Харахтарын сырдыга.

 

Уонна оҥоччу көрсүбүт

Оҕолор дьоһуннара —

Оскуоланы маҥнай көрбүт

Оҕоҕо сонуннара.

 

Оттон дуосканы муҥунан

Ойууламмыт буукуба —

Бэйэтэ күөх урсунунан

Кылбайа көтөр куба.

Оттон учуутал тыллара

Олус диэн истиҥнэрэ —

Уолчаан дууһалыын ылларан

Устара ханна эрэ.

 

Устара олох суолунан

Бу үөрбүт кыра киһи,

Илиилэрин өрө уунан

Этэр курдуга кини:

 

Мин бүгүн үөрдүм, долгуйдум

Эн тускунан истэммин.

Дорообо, төрөөбүт дойдум,

Мин саҥа киһи кэллим!

 

Саамай улахан түннүктээх

Саамай улахан дьиэ —

Санааҕа саамай үйэлээх

Саамай кэрэ бэлиэ —

Ос-куо-ла!

Перейти к содержимому