ОСТУОРУЙА УОННА ИСТОРИЯ

Атын-атын суолталаах тыллар

Ардыгар биирдик суруллаллар,

Остуоруйа диэн тыл, холобур,

Онуоха бэртээхэй холобур.

Оҕо остуоруйата дуу, ол?

Омук остуоруйата дуу, ол?

 

История диэн тылы саха

Истэриҥ курдук саҥарбакка,

Бука, сатаан эппэккэ бастаан,

Буккуур бөҕөтүн таһаараахтаан

Биир тылы атын тыл оннугар

Билигин даҕаны туһанар.

 

Остуоруйа омук аайы баар,

Ол аата оннук тыл эмиэ баар.

Арай биһиэхэ кини буолуох

Анал тылбыт тоҕо эрэ суох:

Ити билигин туттар тылбыт

История диэнтэн тахсыбыт.

 

История диэн история,

Остуоруйа диэн остуоруйа.

Ол иһин историябытын

Остуоруйабыт буккуйбатын —

Кинилэри баалларын курдук

Кэнэҕэһин суруйар ордук.

 

* * *

Историябыт саҕаланар

Эллэй, Омоҕой саҕалартан,

Ордубут былыргы номохтор

Ол онно соҕотох олохтор,

Биһиги оҕолуун-улуулуун

Билиибит-көрүүбүт ол онуун.

 

Кыһыҥҥы уһун киэһэлэргэ,

Кыракый балаҕан дьиэлэргэ,

Эбэтэр көмүлүөк сырдыгар,

Эбэтэр түлэй түүн барыгар

Урукку кэми тилиннэрэ,

Устара дьоммут сэһэннэрэ.

 

Үһүйээннэр, остуоруйалар

Үлүннэриилээх да буоллаллар

Өбүгэлэрбит үгэстэрин,

Үөрүйэхтэрин, үөрэхтэрин

Үүнэр сүһүөх дьоҥҥо иҥэрэр

Үтүөкэн түгэннэр этилэр.

 

Аҕыйах сылынан оҕолор

Аҕа-ийэ буола охсоннор,

Аны бэйэлэрэ олохтон

Араас диэн сэһэни оҥорон,

Киэһээ-киэһээ сололоругар

Кэпсииллэрэ оҕолоругар.

 

Онтон олоҥхо сыыйыллара,

Оччоҕуна бэл сыылынайдар

Оһох таһыгар кэлэллэрэ

Олоҥхоһуту истэллэрэ —

Олоҥхо оо, кырдьык, дьиктитэ,

Уйулҕаны хамсатар этэ.

 

Онтон дуу кинилэр өй булан,

Олоҥхоһут омук туһунан

Сэһэни, номоҕу хомуйан,

Сиһилии барытын суруйан,

Арыйыыларын кэрэхсэтэ

Аан дойдуга кэпсээтэхтэрэ.

 

Чулуу дьоннор, киһи кииллэрэ

Дьулуһан да үлэлииллэрэ,

Тымныыны, тыалы умналлара,

Тыл туманыгар муналлара,

Түүр, монгуол омуктар тыллара

Түбэһэннэр соһуталлара.

 

Тылтан тылы тылбаастыыллара,

Тылтан тылы быһаартыыллара

Төрүт тыллар хартыыналара

Түҥ былыргынан тыыналлара.

Азия улуу истиэптэрэ

Арыллан, көстөн кэлэллэрэ.

 

Сыһыы аайы сыспай сиэллээхтэр

Сындыыстыы сыыйылла сиэлэллэр,

Хонуу аайы хороох муостаахтар

Хотоҕостуу устан ааһаллар,

Чугастан-ыраахтан тутуһан,

Дьон-сэргэ бөҕөтө чуоҕуһар.

 

Дьэрэкээн толооҥҥо тахсаннар,

Дьэргэстэй ыһыаҕын ыһаллар,

Омоллоон оонньуутун оонньууллар,

Ол сылдьан эмискэ тохтууллар:

Үҥүүлэр, батастар тыаһыыллар,

Өһүөннээх өстөөхтөр ааҥныыллар.

 

Монгуол дуу, хуун дуу сэриилэрэ

Бу маннык уоран киирэллэрэ —

Курукаан урааҥхай биистэрэ

Куотарга эрэ тиийэллэрэ,

Ол оннук баай күөлгэ кэлэннэр,

Олохсуйаллара кинилэр.

 

Бадаҕа, онно да ииссэннэр,

Баайдарын, малларын тиэнэннэр

Куоталлара сорохтор аны

Хотугу өрүһү таҥнары.

Өлүүттэн бу модун өрүһүҥ

Өҥ-быйаҥ буоругар өрүһүн!

 

Үүнүүлээх күп-күөх хочолорго

Үөр сүөһү суоҕа оччолорго,

Туймаада, Эркээни, Эҥсэли…

Дуорайар манна тыҥ хатыыта,

Дуорайар ыраахха эҥсиллэ

Тулаайах туруйа хаһыыта.

 

Омоҕой олоҕун сураһан,

Ол сири Эллэй уол булбута,

Ол онно, уруу-хаан тардыһан,

Уон улуус төрдүнэн буолбута –

Үс үөстээх Өлүөнэ сүнньүгэр

Үс саха турбута сүһүөҕэр.

 

Сайсары хотун, Дыгын тойои

Сахаттан, тонустан чорбойон,

Бар дьону баһылаан-көһүлээн,

Бастакы түмсүүгэ көҕүлээн,

Дьоһуннаах ааттара-суоллара

Дьон уоһун номоҕо буолтара.

 

Ол эрэн ити номох эрэ —

Олох суолун омооно эрэ,

Хаһан эрэ кини суруллан

Хааллаҕа история буолан.

Сыылкаҕа кэлбит үөрэхтээхтэр

Сыаната суох онно үтүөлээхтэр.

 

Кинилэр тустаах дьон киэн туттар

Кинигэлэрин суруйбуттар,

Омукпут төрдүн булаарыбыт,

Ол кинигэлэри ааҕарбыт,

Үтүө дьон ааспыт суолларынан

Өр айанныырбыт махталынан.

 

Ол дьарыгы, хомойуох иһин,

Оо, өссө салгыыбыт билигин:

Хал буолан хаалбыт санаалары

Хатайдыыбыт төттөрү-таары.

Оннук дьон өссө да элбэхпит,

Ол, өссө үөрэнэн эрдэхпит…

 

Соҕотох, бытанан олорбут

Суруга-бичигэ суох омук

Билиигэ кыттаммыт билигин

Биһиги билэбит бигэтик

Бэйэбит историябытын

Бэйэбит суруйуохтаахпытын.

 

* * *

Саха омук историята

Сабаҕалааһын дуу барыта:

Сабаҕалааһынтан саҕаланар,

Сабаҕалааһынынан салҕанар,

Сабаҕалааһын, биллэн турар,

Сабаҕалааһыҥҥа аҕалар.

 

Хоту дойду хонноҕо киэҥ,

Хоммотох онно култуура диэн.

Хаамыҥ, баҕар, хайаларынан —

Хаалбыттар хайдах баалларынан.

Сылдьыҥ, баҕар, сыһыыларынан —

Сыталлар бары сыалайынан.

 

Өбүгэ олоҕун туоһулуур,

Үйэлэр күөннэрин одуулуур

Үгүс үөрэхтээхтэрбитинэн

Үгэс курдук өрө тутуллар

Өйдөбүнньүктэрбитинэн

Өгөхтөрбүт эрэ буолаллар.

 

Онно туох да киһи билбэтэх

Оһуора-мандара көстүбэт.

Ол арай көмүлүөк оһохпут

Уҥуоҕа да буоллар ордубут,

Хас үйэ киниэхэ биһиги

Хамначчыт буоламмыт кэллибит?!

 

Оттуллар кэмигэр, кырдьыга,

Оһохпут сылааһа, сырдыга —

Куруутун тоҥууну кэһэммит,

Куруҥах мастары кэрдэммит

Күн тэҥэ көмүлүөк оһоҕу

Күннэри-түүннэри отторбут.

 

Оһохпут итиитэ барыта

Ураанан куотара таһырдьа.

Итини урааҥхай билбэтин,

Историк киһи, эн туох диигин?

Саатар түүн сабыллар үөлэһи

Оҥостон көрбөтөх ол киһи!..

 

Ол курдук ол киһи сайынын

Умнара кырыктаах кыһыны,

Ол курдук ол киһи кыһынын

Оо, эмиэ күүтэрэ сайынын,

Ол курдук ол киһи хаһан да

Айбатах улахан тугу да.

 

Күн эрэ сырдыгын батыһар,

Күөх эрэ сайынныын алтыһар

Күн көрө дьарыктаах киһини

Көрүөхпүт-истиэхпит баар ини!..

Ол киһи кыраҕа кыһаммат,

Олоҕун да оччо дьаһаммат.

 

Ханнык даҕаны атын атах

Хаһан даҕаны сылдьыбатах

Тропик хойуу ойуурдарыгар

Бүгүн да көрсөллөр ардыгар

Бүтүн сыл күөх тыаҕа куустаран

Бүгэн сытар аҕа уустара.

 

Сибилигин кинилэр эрэ

Силигэ ситэн биэрбэт сиргэ

Култуура уонна чөл айылҕа

Куоталаһар айдааннарыгар

Сиэрдээх быһаарыыны буларга

Сэдэх туоһулар буоллахтара.

 

Айгыр силик аан ийэ дойдуҥ

Аһа-үөлэ аччаан хойутун

Бэйэлээх бэйэҥ илиигинэн

Бэйэҕин ииттэр кэмиҥ кэлэн,

Сыгынньах киһи таҥас таҥнан

Сырыттаҕыҥ бу, дьоҥҥо тахсан.

 

Билигин эн олох атыҥҥын,

Бэйэҥда билбэккин хайдаххын:

Үүнээйи аһылыктаах киһи

Үлэлээн аһыы үөрэннэҕиҥ.

Үлэ эйигин быыһаабыта,

Үрдүк аналгын быһаарбыта.

 

Саҥаны билбитиҥ-көрбүтүҥ,

Саҥаттан үөрбүтүн -көппүтүҥ,

Соһуйан саҥа аллайарыҥ,

Сорох тылы оннук айарыҥ,

Сотору ол тылыҥ тарҕанан

Сомоҕолуура дьону улам.

 

Биир олохтоох дьон барылара

Биир буолан хаалар баҕалара,

Биир баҕалаах дьон барылара

Биир буолар аны дьарыктара,

Биир дьарыктаах дьон барылара

Биир буолар онтон саҥалара.

 

Аар тайҕа даҕаны аан бастаан

Ааттанар буолара араастаан,

Оннооҕор алгыыр аал уоттара

Уон араас ааттардаах буолара,

Билигин үйэлэр ааһаннар,

Биир көстүү биир анал ааттанар.

 

Төһөнөн эн чуолкай тыллааххын,

Соччонон эн чуолкай өйдөөххүн,

Төһөнөн эн сытыы тыллааххын,

Соччонон эн сытыы өйдөөххүн,

Оттон ким киэҥ өйдөөх-санаалаах,

Ол киһи кэрэхсиир саҥалаах.

 

* * *

Биһиги тылбыт — от-мас тыла,

Билиҥҥи кэм билиммэт тыла:

Ойуур, тыа кэрэтин дьүһүйэн,

Олоруоҥ дуо сатаан бүгүн эн?

Хас тылыҥ хараххар өлөрүн,

Хайыаҥый, харааста көрөҕүн.

 

Хайдаҕын да иһин кинини

Харыстыах тустаахпыт биһиги:

Олоҥхо киэбигэр хаайтаран

Олохтон букатын хаалбатар,

Үс саха үгэһэ, кэриэһэ

Өссө өр саҥардар киниэхэ.

 

Биһиги тылбыт — былыргы тыл,

Бэйэтин туһугар бэрт баай тыл.

Кини баай диэх, бастакытынан,

Кэмчи астыы быстыбатынан,

Уларытгахха, иккиһинэн,

Улуу тыллыы имигэһинэн.

 

Тылбытыгар сөҥө сылдьаллар

Тыһыынчанан, сүүһүнэн сыллар,

Үйэлэри курдат сандаарар

Өбүгэбит өйө-санаата,

Олоҥхобут, остуоруйабыт —

Ол аата биһиги историябыт.

 

Төһөтө онтон дьиҥ олоҕун,

Төһөтө олоҥхо омунун

Үөрэхтээх омуктар даҕаны,

Үөрэхтээх сахалар даҕаны

Чуолкайдык маннык диэн эппэттэр,

Тугунан да бигэргэппэттэр.

 

Сиҥнибит күрүөлэр, сэргэлэр,

Сиҥнибит оһохтор, эркиннэр —

Өбүгэ сайдыытын туоһулуох

Өтөхтөн ураты туох да суох.

Ити да иһин дуу куттары

Итэҕэл, таҥара туттабыт?

 

Саха итэҕэллээх дуу, суох дуу?

Саамай наадалаах боппуруостуу,

Кэтэхтээх соҕустуу иһиллэ,

Кини бүгүн биһиэхэ кэллэ.

Бадаҕа, киниэхэ хоруйдуу

Барыбыт үөрэннэ дойҕохтуу.

 

Тохсус, ахсыс халлааннаахпытын,

Дьонтон эрэ талааннаахпытын,

Айыыбытын, абааһыбытын,

Алгыспытын, андаҕарбытын

Сорук оҥостон аартык аайы

Сорунан туран айдаарабыт.

 

Итэҕэлэ суох омук диэн суох,

Итэҕэлэ суох киһи диэн суох,

Ити эрэн кини ханнык да

Иччи да, айыы да буолбатах,

Итэҕэл диэн киһи суобаһа,

Эрэлин, тапталын куолаһа.

 

Үҥ, баҕар, үрдүк айыыларга,

Үрүйэлэргэ, арыыларга,

Ол эрээри эн суобаскынан

Олорбот, айбат буоллаххына,

Ханнык даҕаны айыы, иччи

Харыстыы сылдьыа суоҕа экчи.

 

Иччилэр, айыылар элбэхтэр,

Итини мээнэ дьон билбэттэр,

Өйдүүр итини арай аптаах,

Үөһээ дойдуттан айдарыылаах —

Оо, хата сэрэнэн саҥарыах:

Ол дьон баар саханы абырыах…

 

Төһө да үтүөнү, ырааһы

Төлкөлүү сатаабыт иннигэр,

Олохтон букатын ырааҕы

Оҥорон саҥарар-иҥэрэр

Ырыынак, көмпүүтэр кэмигэр

Ыллыга суох тыллар инилэр!..

 

Билиҥҥи олоҕу билбэккэ,

Билиҥни ыччаты билбэккэ

От-мас иччитин алгыы-алгыы

Олоруох курдук былыргылыы

Сорохтор охтоллор сороҕор

Соҕотох өбүгэ олоҕор.

 

Оо, кэнэн даҕаны дьоннорбут,

Оо, чахчы былыргы дьоннорбут!..

Онно суох биһиги буруйбут,

Ол онно өйбүтүн буккуйбут

Буруйдаах бүгүҥҥү олохпут,

Бу түҥ-таҥ түһүүлээх олохпут.

 

Олоҥхо тылыгар-өһүгэр

Урукку олохпут түмүллэр,

Ол эрэн, доҕоттоор, биһиги

Олорор буолбаппыат билигин,

Оччоҕо дьэ хайдах буолабыт,

Онно сөп туох тылы булабыт?

 

Биһиги сахалыы тыллаахпыт,

Бэрт элбэх омуктар ыаллаахпыт,

Ардыгар кинилэр тылларын

Араара барбакка ыламмыт,

Сахалыы саҥабыт сыыһыран

Сахсыллан турабыт кыыһыран.

 

Ыраастык саҥардар сыаллаахтар

Ылла да үөрэтэр саҥнаахтар:

Былыр, көр, бу маннык дииллэрэ,

Былыр, көр, ол оннук дииллэрэ,

Эһиги даҕаны барытын

Эмиэ ол тэҥинэн саҥарыҥ.

 

Туох ханнык иннинэ кытаатыҥ:

Туһаана этиигэ бастаатын,

Кэпсиирэ кэнники туруохтаах,

Кини бэрт судургу буолуохтаах,

«Сонуннар» дэһимэҥ, «сонун» диэҥ —

Соннук, көр, сахалыы саҥа диэн!..

 

Дьэ кырдьык даҕаны итинник

Дьиҥ сахалыы саҥарыах иһин,

Билиҥҥи олох албаҕатын

Биэриэҥ дуо ситэри барытын!..

Онто суох тылбыт уһун кэмҥэ

Ол туһа диэн охсуһан кэллэ.

 

Тылбыт бу маннык кэрэтиттэн,

Тыыннаах баччаҕа кэлбитҥггэн,

Алгыһын баһа сыалааҕыттан,

Аны да сайдар кыахтааҕыттан

Биһи үөрүөх эрэ тустаахпыт,

Мэһэйдэһэ сылдьыа суохтаахпыт.

 

Тыл тыыны таһаарар кураанах

Тыл дьонун ыаһаҕа буолбатах —

Тыл омук тыыннааҕын бэлиэтэ,

Тыл мал-сал, туттар сэп кэриэтэ.

Күн аайы киһиэхэ наадалаах,

Күн аайы туттуллар аналлаах.

 

Дуйа, кырааската өлбөөрөн,

Туттуллубат тыл тута өлөр.

Оннооҕор былыр улуу тыллар

Ол курдук суох буолан тураллар,

Кинилэр сахпыт санаалара

Киһи аймахха хааллахтара.

 

Саха да тыла хаһан эрэ

Сайдыа турдаҕа аата эрэ —

Төрөөбүт тылбытын сүрэхтэн

Төрдүттэн сүтэрбэт сүбэттэн

Көһүө суохтаахпыт тыабытыттан,

Күрүө нөҥүө баар ыалбытыттан.

 

Орто дойду олоҕор бааллар

Улахан, кыра, улуу тыллар.

Аан дойду үрдүгэр үгүстэр

Аарыма, аччыгый өрүстэр.

Тыллар син өрүстэр курдуктар:

Тыыннаахтар, дириҥнэр, модуттар.

 

Өрүстэр, үрэхтэр, сыккыстар

Үйэттэн үйэҕэ сырсаллар,

Эмпэрэ сырдара суулланнар

Эмискэ бүөлэнэр суоллара.

Сорохтор оччоҕо өлөллөр,

Сорохтор, суох, төлө көтөллөр.

 

Ол эрэн улахан көмүөлү

Ол хайдах буорунан көмүөҥүй?!

Кыратык киртийиэ аан бастаан,

Кылбайа устуоҕа ыраастаан,

Улахан тыл эмиэ өрүстүү

Ол курдук бэйэтин көмүскүүр.

 

Оо, сыыһа биһиги тылбытын

Олоххо сөп суолу талбытын,

Олоҥхо тылыттан атын диэн,

Омукка маарыннаан эрэр диэн

Кытаанах сэмэҕэ тардабыт,

Кынатын бэйэбит быһабыт.

 

Сороҕор саха да тылынан

Суруйуохха сөп омук курдук,

Сороҕор омук да тылынан

Суруйуохха сөп саха курдук —

Суруллубут тыл-өс барыта

Сокуон диэн буолбатах, быһата.

 

Биһиги саҥабыт ис тыынын

Билбэппит алдьатар куруутун:

Эбэтэр кини сахалыытын,

Эбэтэр кини омуктуутун

Быһаарбат хас тыл туттуллуута,

Быһаарар этии тутуллуута.

 

Оттон тыл — биһиги ийэбит,

Ол аата тапталбыт, иэйиибит,

Оттон тыл — биһиги аҕабыт,

Ол аата дурдабыт, хаххабыт,

Оттон тыл — биһиги оҕобут,

Ол аата эрэлбит, соргубут.

 

Сүүс сылы өҥөйөн көрүөҕүҥ,

Сөпкө тыл суолтатын өйдүөҕүҥ:

Тыла чөл омук диэн, бука, суох,

Тылбытын бука диэн бопсумуох

Бэйэтин кыаҕынан сайыннын,

Бэйэтин бэйэтэ дьаһаннын.

 

Уһаабыт, кылгаабыт тыллары,

Олуурдаах омуктуу тыллары

Бэйэтин кэккэтигэр тылбыт

Биһириир буоллаҕына ыллын.

Итинтэн кини байыа эрэ,

Итинник кини сайдыа эрэ…

 

Биһи ону, хата, бэйэбит

Бэркэ диэн сатыыр эрээрибит,

Тылбыт өҕүллүбэт аатыран

Тылы саҥарбаппыт баарынан,

Эбэтэр сахатыта сатаан

Этэбит кинини араастаан.

 

Ардыгар тылбаастаан турабыт

Аан дойду билиммит тылларын —

Балыгы баҕанан солбуйуу,

Бадаҕа, биһиэхэ бэрт хойуу,

Саатар баар үһүлэр, сороҕор,

Сахалыы сатаммат дорҕооннор.

 

Бука ол жэ, зэ, эф дорҕооннор.

Боппугаай сатыа ньии оннооҕор!

Сахалар, өҥ туттар буолумаҥ

һаҥаҕыт һэниэтэ һуоҕунан:

Эрчимэ, чуолкайа суох саҥа

Инники кэскилэ хараҥа.

 

Ол иһин куруутун биһиги

Ордук бу кэмнэргэ, билигин,

Тыл күүһүн толору туһанан,

Тылбытын имитэн-хомутан

Сахалыы, омуктуу ыраастык

Саҥарыах-иҥэриэх тустаахпыт.

 

Сыыһа-халты саҥаран биэрэн

Сыҥаахпыттан ылларыам диэмэ,

Саҥар эн, күүстээхтик, уохтаахтык,

Саҥар эн, уоттаахтык-күөстээхтик:

Киһи диэн этэрин этиэхтээх,

Кэрэ тыл оччоҕо элбиэхтээх.

 

Өбүгэ тылын өйдүүр киһи,

Билиҥҥи тылы билэр киһи

Сатанар, өйдөнөр тыллары

Сааһылаан иһээччи утары,

Наадалаах тыллара талыллан

Тахсааччы санаата табыллан.

 

Уонунан омуктар тылларын

Ол киһи үөрэтиэ ылларан,

Тыл ыраах кинини илдьиэҕэ,

Тыһыынча сыл нөҥүө тиэрдиэҕэ,

Кыра-кыратык кылахтаһан

Кырдьыгы булуо кини мантан.

 

Историк хараҕа кыраҕы,

Истээҕи көрөөччү кыраҕа.

Санаалары, фактары биир-биир

Саамылаан кини тэҥнэтэлиир,

Саха дьиҥ былыргы олоҕо

Саҥалыы арыллар сороҕо.

 

Хотторуу, куотуу да кыһыытын,

Хоту сир хонноҕо тымныытын,

Хаалларбыт хампа күөх дойдутун

Хас үйэ харааста туойбутун,

Онно туох сыыһатын-табатын

Ол киһи суруйар барытын.

 

Олоҥхо, остуоруйа, номох,

Ураһа, балаҕан, буор оһох —

Ол саха олоҕун суолларын

Олуктарынан буолалларын,

Ол олох үрүҥүн-харатын

Ол киһи суруйар барытын.

 

Кини суруйар күнү быһа,

Киэһэнэн сууллан түһэ сыһа,

Арыт онтун, арааһа сирэн,

Архыыбар симэр, ааҕан иһэн.

Сарсыарда эмиэ саныы-саныы

Саҕалыыр барытын саҥалыы.

 

Кэскили кэпсиир кэрэ тыллар

Кэккэлэспитинэн бараллар,

Илгэлээх ийэ көлөһүнэ

Иэдэстэринэн субуруйа,

Ол киһи кыһыл көмүһүнэн

Историябытын суруйар.

 

1996 сыл, Дьокуускай

Перейти к содержимому