Күн киһитэ көнө, сэмэй,
Айыы киһитэ амарах…
Ол оннук олус учугэй
Омуга үһү үс саха.
Ону баара дьаамнарынан
Устан кэлэр элбээн барбыт,
Уу чуумпутук, дьаалатынан
Олорбута сатарыйбыт.
Араас омук алтыһыыта,
Мөкү, үтүө мөккүһүүтэ,
Үгэс үрэллэн барыыта,
Өй-санаа өрө күүрүүтэ…
Оҕуруктаах өй уһуктар,
Угаайылаах санаа тиллэр,
Yc caxaҕa үөскээн тахсар
Ол түмүгэр өс хоһооно.
Cүөhү эриэнэ, таһыгар
Киһи эриэнэ иһигэр
Атыннык көстүөн баҕарар
Аны киһи киһитигэр.