ӨТЕХХЕ

Хараҕыҥ баҕар, арыт умнуоҕа,

Сүрэҕиҥ эрэ алҕаһыа суоҕа:

Ол ыраах сир, ол быдан былыргы

Маарына бу сиргэ баарга дылы…

Бука, ол биһиги дьиэбит-уоппут

Ойуурун кытта бииргэ хоруорбут.

Улахан уот омуннуран иһэн

Уостубут оол-ол үрэхтэн иҥнэн.

Хайдах эрэ ордубут бу өкөгөр

Соҕотох тиит уот сиэбит өтөҕөр,

Барыта хара хоруо, күл-көмөр…

Кини эрэ ала-чуо көҕөрөр.

Күөх мас бу күл-көмөр ортотугар

Көтөн иһэр көтөрү санатар.

Бу күлтэн-көмөртөн хаһан эрэ

Күөх от хайаан да көҕөрүөн этэр.

Мантан көстөр ол ойбон күөл уута,

Далбарай дайар талыы хонуута,

Күөрэгэй көтөр күндү толооно,

Оннооҕор уу баһар суол омооно.

Онно ойуолуур курдук кыракый

Ох саалаах уолчаан. Бадаҕа, быһый:

Үөһээ ыппыт оҕо төннөрүгэр

Өрүү баар буолар түһэр сиригэр.

Кини маннык сымсата, сытыыта

Кэлин туһалыа булка, сырыыга

Оту оттуурга, маһы мастыырга,

Ону-маны барытын сатыырга…

Итинник ииппиттэрэ дьоннорум

Бу сиргэ ыал буолуох оҕолорун.

Ким билиэ этэй оччоҕо миигин

Олох долгуна охсон илдьиэҕин?!

Онно мин өбүгэм үгэстэрин

Умнан кэбиһиэхпин үгүстэрин,

Өҥ сирим кубарыйа кууруоҕун,

Өтөх аатыран өһөн туруоҕун…

Уонунан сыллары киэр үүрэбин.

Уонна ол уолчааҥҥа мин сүүрэбин:

«Мантан барыма!» — диэн көрдөһөөрү,

Барыбыт алҕаһын көннөрөөрү!..

 

Перейти к содержимому