Поэзия хонуутугар
Отуубун мин туруордум,
Музам кэлэн хонуутугар
Оһуордаатым, оҥордум.
Кэлэр суолун, киирэр аанын
Куөх отунан тэлгээтим,
Күүтүүлээх көрсүһүү чааһын
Сибэккинэн симээтим.
Киэһээҥҥи сөрүүн салгынныын
Кнни устан кэлиэҕэ,
Этим сааһынан дьырылыы
Имэҥ буолан киириэҕэ.
Утуйар уубун көтүтэн,
Түүнү быһа муҥнуоҕа,
Көппүт уум сууйбут көмүһэ
Булбут тылым буолуоҕа.
Музам хоммут отуутугар
Өйүм-санаам хаалыаҕа —
Сарсыарда дьон одуутугар
Хаҕым эрэ хаамыаҕа.