ПОЭЗИЯ

Саараама да букатын

Санаабатах тылларым

Бэртээхэйкээн баҕайытык

Миэстэлэрин буланнар,

Эйэҕэстик-сайаҕастык

Этэ-тыына тураллар.

 

Манна өйдөөн кэллим мин

Поэт бэргэн этиитин:

Санаа сорук-боллурдара —

Саамай үчүгэй тыллар

Саамай сөпкө турбуттара

Поэзия диэн буолар.

Перейти к содержимому