Ичигэс да күннэр тураллар
Илгийэ тыынан түһэннэр.
Ол хаарга кыһыҥҥы суруктар
Уулланнар улам сүтэллэр.
Сааскы күн айылҕа уһуктар,
Сааскы күн сир-дойду тиллэр,
Дьон-сэргэ дууһатын долгутар
Алгыстаах ырыа иһиллэр.
Сааскы күн киэҥ кэрэ эйгэтэ
Оҕо сүрэҕэр аһаҕас,
Ол курдук сааскы күн бэйэтэ
Оҕолуу көрдөөх сайаҕас.
Таһырдьа сып-сырдык, ылааҥы,
Тахсыбыт эрэ этиэҕэ,
Ол сылдьар уолчааны, кыысчааны
Киллэриэҥ суоҕа эн дьиэҕэ.
Эн үөрэҕин ис-искиттэн,
Бүтүн бэйэҥ бүтүннүү сырдыы,
Эйигин уруйдуу-айхаллыы
Эриэккэс саас кэлбититтэн.
Сааскы күн, дьикти сааскы күн
Сандаарар аан дойду үрдүнэн.
Бар дьоҥҥо өрөгөй үөрүүнэн
Баар буоллун кини өрүүтүн!