САЙЫН СЫТТААХ ХАРЫЙА

Маҥан дойдум мааны маһа

Лабаалара намылыһа

Ойууруттан бүгүн кэлэн,

Ойуу-симэх бөҕө кэтэн

Оҕо аймах ортотугар

«Уруй-айхал» буола турар.

 

Дьонум-сэргэм алгыһа,

Дойдум-сирим күөх маһа –

Сайын сыттаах харыйа,

Саһарҕалыы умайа,

Саҥа дьылга ыҥырар,

Саҥа дьолу баҕарар.

 

Кыра дьоҥҥо саамай ытык,

Кылбаа маҥан кырыа бытык

Тымныы Кыһын Оҕонньорбут

Тыастаах тайах оҥорторбут,

«Тос-тос» охсор уонна кэпсиир,

Тула баар дьон тута сэргиир.

 

Дьонум-сэргэм алгыһа,

Дойдум-сирим күөх маһа –

Сайын сыттаах харыйа,

Саһарҕалыы умайа,

Саҥа дьылга ыҥырар,

Саҥа дьолу баҕарар.

 

Оҕолорго көстөр тута

Остуоруйа дуу дойдута:

Харыйа күөх лабаатыттан

Хаар кыыдайар санаатыттан.

Ханнык эрэ үтүө түүллэр

Хаарчааналыын үҥкүүлүүллэр.

 

Дьонум-сэргэм алгыһа,

Дойдум-сирим күөх маһа —

Сайын сыттаах харыйа,

Саһарҕалыы умайа,

Саҥа дьылга ыҥырар,

Саҥа дьолу баҕарар.

 

Перейти к содержимому