САНАА САБЫДЫАЛА

Мин ордук бастаан суруйар сылларбар

Баҕарар баҕам баара-суоҕа биир этэ:

Аахпыт дьон араас санаабын ыланнар

Ахтан дуу аасталлар диэн биирдэ эмэтэ.

Оччолорго ол барыта тыыннаахпар

Туолара-туолбата дуол да биллибэтэ.

 

Оттон бүгүн төһө да дабыдалын

Тоһуттарбыт көтөр курдук көһүннэрбин,

Мин баар бары билиибин, сатабылбын

Бар дьонум сайдарын туһугар биэрэммин,

Өй-санаа өттүнэн мин сабыдыалым

Үс саха олоҕор биллэр дуу билигин.

 

Ол курдук мэлдьи тапталы, кэрэни

 Бэркэ диэн биһирээн туойарым таһынан,

Хаһан да уоскуйбат мин, поэт киһи,

Хас сырыы аайытын ыар сыалы ылынан

Бу хабыр олоҕу, бу хах киһини

Барытын кэпсиэхтээхпин хайдах баарынан.

 

Ардай аһыылаахтар айахтарыгар

Аһылык буолбута биһиги дойдубут.

Кут куотар, сүр сүтэр алдьархайыгар

Атах-илии алдьаныыта ама курдук,

Туохтааҕар да дьон ол аймалҕаныгар

Бэйэтигэр эрэлин сүтэрдэ ордук.

 

Ойууннаан көрдө бэл абаккатыгар,

Омуктары үтүгүннэ ол быыһыгар,

Үрүҥ Аар Тойон таҥараларыгар

Үҥэллэрин эттэ уолугар, кыыһыгар.

Араас быһылаантан тахсалларыгар

Быһа эрэннэрдэ ол абырыырыгар.

 

Умунна арай ол оннооҕор күүстээх

Арыгы, көр-оонньуу алыптаах былааһын.

Ол аймаан кэбиһэн аны көдьүүстээх

Олох суох — барыта олоро сатааһын!..

Аанньаран буолуо дуо үтүө үгэстээх

Үс саха хаалларар аны бэл алааһын.

 

Оттон мин олох да оҕо сааспыттан

Олох туһугар охсуһан кэлбит киһи

Дьон маннык буолбутун көрбүт сааппыттан,

Кинилэргэ күүс-көмө буолаары ини,

Үтүөбүн-өҥөбүн бэйэм ааппыттан

Бу курдук эһиэхэ мэктиэлээн эрэбин.

 

Айа-тута сатааччы аны элбэх,

Ааҕааччылар да аахайбаттар быһыылаах.

Саҥа санааны этиэҥ эрэ кэрэх —

Сайҕанан хаалбыта баар буолар тааҕы-таах.

Ол эрээри бүгүн этиллибэтэх

Сарсын хайаан да сата буолар аналлаах.

 

Дьон санаатын туһаныы сэмэлэммэт,

Арай ааптарын аата ааттаныах тустаах.

Ону билбэт олох да кэрэхсэммэт:

Айар да киһи араас сыаллаах-соруктаах.

Кэрэ-бэлиэ мээнэҕэ кэрэхсэммэт —

Кэскиллээх барыта киэҥ суолга

Тахсыахтаах.

 

Перейти к содержимому