САЙЫҤҤЫ САРСЫАРДА

Толоон арҕааҥы уһугар
Туруорбах балаҕан турар,
Туос түннүктэр таастарыгар
Күн оонньообутунан тахсар.
Балаҕаҥҥа түннүгүнэн
Бастакы кыым көтөн түһэр,
Көрө биэрэр соҕотоҕун
Утуйа сытар оҕону.
Онтон аргыый кэлэн тыгар
Оҕо симмит хараҕыгар,
Уол уһуктан ойон турар,
Ол-бу диэки одуулаһар.

Дьонноро ханна да суохтар,
Турар күөрчэҕэ остуолга,
Халҕаны ыга саппыттар,
Былыр үйэҕэ барбыттар.
Ыксалынан уолчаан таҥнар
Уонна таһырдьа ыстанар —
Кинини аанын боруогар
Күн суулуур көмүс уотугар.
Уол ону уруйдуу көрсөр,
Сүрэҕэ чыычаахтыы мөхсөр,
Ойон тахсан сүүрэ турар
Оол көҕөрөр толоонугар.

Онно кини күнү быһа
Үрүмэччилэри сырсан
Оттор-мастар быыстарынан
Ойор буута быстарынан.
Ол сылдьан эмискэ тохтоон
Одуулуур өр кини толоон
Үүнээйитэ эгэлгэтин,
Үөнэ-көйүүрэ элбэҕин.
Субу кэм оһуор толооно
Суоҕа туохха да холооно!
Уолчаан аһаҕас сүрэҕэр
Улуу таптал кыыма түһэр.

Перейти к содержимому