САНАА

Күнүм-дьылым аҕыйаата

Көрү-нары батыһыаҕы —

Күн сиригэр кэлбит аата,

Баҕарыллар туһалыаҕы.

Хамнас эрэ иһин үлэ

Харааһыннарар санааны,

Халтайга умайыы күлэ

Хаххалыыр курдук халлааны.

Туһата суох, толуга суох

Туох олоҕуй, туох үлэний?

Туох иһин киһиэхэ күүс-уох

Төрүөҕүттэн бэриллэрий?

Тоҕо биһиги ардыгар

Бу бэлэҕи умнабытый?

Санаарҕаан, саараҥнаан ылар

Түгэннэри тумнабытый?

Тоҕо дууһа долгуйуутун

Уҕарыта сатыыбытый?

Аҥардас кини сойуутун

Айдаарары сатыыбытый?

Тоҕо санаа ырааһынан

Сайдыбаппыт, олорбоппут?

Доҕор-атас арааһынан

Тулабытын толорбоппут?

Тоҕо дьоҕурдаах чулуу дьон

Бүгүн дьоҕус сыаллаахтарый?

Хаһааҥҥьггтан ыла хордьон

Отон ордук сыаналааҕый?…

Хойутаан даҕаны да буоллар

Билэбин дуу мин баҕабын:

Сор-муҥ бөҕөнөн суруллар

Субурҕалары таҥабын.

Сүрэҕим нүөлүйэ ыалдьар:

Мин үөрэбин, хомойобун,

Мин сүрэхпэр сөҥө сылдьар

Хоһооннору чочуйабын.

Кинилэргэ, оо, кыым санаа

Биирдэ эмэ күлүм гыннар,

Биирдэ эмэ дьоҥҥо анаан

Этэр тылым табылыннар!

Перейти к содержимому