Үйэм-сааһым тухары
Өйбөр сылдьан, yopa-caha,
Үрүҥ күнү кытары
Үрдүк таптал уотун ыһар
Санаам айбыт ураты
Сахам кыыһын уобараһа.
Саатабыллаах буоллун диэн
Санаам кинини сайбыта,
Өйдөбүллээх буоллун диэн
Өйүм кинини айбыта,
Доҕор-атас буоллун диэн
Дууhам кинилиин дайбыта.
Сир олоҕун омсуотун
Ситэри билэр ордуга
Сүрдүк миигин охсуоҕун
Сүрэҕим таайбыт курдуга,
Сүрүм-кутум тостуоҕун
Сүппэтэ күүтүү туруга.
Ынырбатын эбитиэн
Ыра гынар ыйым кыыһа,
Көстүбэтэ эбитиэн
Көрдүү сатыыр күнүм кыыһа,
Ситтэрээхтээн биэрбэтиэн
Сити сылдьар сирим кыыһа!..
Санаам кыыһын таптааммын
Сааспын-үйэбин бараатым.
Салгын кутун алҕааммын
Сахам үгэһин салҕаатым.
Сахам кыыһын санааммын
Саманнык бүгүн ыллаатым.