Саргылаах Саҥа дьыл киэһэтэ
Саал иһин бүтүннүү киэргэтэ
Күлүмнэс уоттарын уматта,
Көрсөр дьон дууһатын долгутта.
Саҥа дьыл ырыалыы иһиллэ
Сахабыт сиригэр бу кэллэ.
Уон икки сотору охсуоҕа —
Олоруҥ, доҕоттоор, остуолга!
Дьиримнии оонньоотун дьиҥ сампаан
Дьиэ үрдүн бүөтүнэн ытыалаан!
Эрдэттэн мэйиини эргитэн,
Эҕэрдэ бөҕөтүн этитэн.
Бу киэһэ биһиги барыбыт
Боччумнаах санааны саныыбыт.
Ырабыт туоларын тускулаан,
Ыраастык лыҥкыныыр курустаал.
Саргылаах Саҥа дьыл дьолугар,
Сайдыылаах саҥа кэм дьонугар
Алгыстаах тыллары саҥара,
Аргыстаах суоллары баҕара
Чэйиҥ дуу, доҕоттоор, чэйиҥ дуу,
Дьиктилээх киэһэни уруйдуу,
Үүнэр кэм, үүнэр сыл, үүнэр күн
Үөрүүлээх бакаалын көтөҕүҥ!