САҤА СААҺЫККА

Сир-сир ахсын уу-хаар тахсан,
Көстө-биллэ күөх саас кэллэ.
Сааскын туолан, сааһыт буолан
Батыс, уолум, барбыт суолбун.
Син өр барыаҥ, сиһи барыаҥ,
Онно көстүө улахан күөл.
Дьэ ол, тукаам, көрсөр анаан
Кус-хаас үөрэ хойуу күөлэ.
Ол эрээри өйдөө биири:
Алаас күөлгэ аска-үөлгэ
Хонон ааһар куһу-хааһы
Үөттэринэн үөмэн киирэн
Тирээн сытан ытыалааҥнын,
Дьэ эн арай ыытыаҥ ааккын.
Көтүү куһу, көнчөх куһу
Сыал дуу курдук сырсар ордук.
Үөһээ устар үөр кустартан
Түөртүү эҥин түһэртээҥҥин
Хайдах курдук күөрэтэргин
Хайгыылларын көрүөх этиҥ.
Чэ, бээ, ити тохтоон эрдин.
Барар сириҥ мааны дойду —
Кус-хаас эрэ хоммот сирэ.
Аны сайын отун-маһын
Охсон-мунньан ылыахпытын,
Сэгээр, хата эн ол сири
Сэтиэнэхтээн өртөөн кээһээр
Уонна сэмээр уоккун кэтээр.
Сискэ киириэн сир сииктээх диэн,
Уоту ыытаат уоскуйума:
Кыра да уот кыһыл тыла
Куула тыаҕа куоттаҕына —
Сымалалаах маһы кууһан,
Сырдьыгынас кутаа буолан,
Көрүөх бэтэрээ өттүтэр
Күл гыныан сөп күөх тыаҕын өрт.

Перейти к содержимому