САҤА ТУРУК

Арыт туох да дуона суоҕу
Аат-суол тутта сатыыгын,
Арыт дьиҥнээх ааты-суолу
Атыҥырыы саныыгын.

Саҥаран өрө күүрэҕин
Сааһырдаргын даҕаны,
Санааҕар сэмээр күүтэҕин
Сатаан туолбат баҕаны.

Эн ол түгэн, олох, үлэ,
Билии-көрүү кирбиитин
Бэлиэ быатын нөҥүө түһэн,
Билбэт сиргэр киирэҕин.

Уларыйыы буоллаҕына
Онно эрэ буолуоҕа,
Саныыр санааҥ туоллаҕына
Оннук эрэ туолуоҕа.

Сааһырдым диэн тохтообокко
Саҥа турукка көһүү —
Салгыылаах уһун олоххо
Саамай улахан үөрүү!

Перейти к содержимому