Сааһырбыт киһи сиэринэн бүгүн эмиэ
Мин аа-дьуо дьаарбайабын алааспынан,
Олоҥхоҕо курдук, ол истэхпинэ диэ,
Силлиэ-тыал сирилээн ааста таспынан.
Халлааны хараҥа былыт күлүктээтэ,
Тулам барыта чуумпура налыйда.
Эмискэ саҥа хаар түһэн үллүктээтэ,
Орто дойду уорҕата туналыйда.
Туох-ханнык буолбутун туолкалаан билбэккэ,
Толоон чороҥ соҕотох маһа буолан,
Хаарга да хаампакка, сииккэ да сиэлбэккэ
Турабын бу мин, тумарыкка мунан.
Маҥнайгы хаар маанылаах бырааһынньыгар
Маннык мин аан бастаан ах баран турдум.
Ол эрэн бу олох быраабылатыгар
Оруобуна сөп буолары оҥордум.
Үрүҥ хаар үллүктүөн иннинэ бу манна
Бука бары да бороҥ күлүктэрдии,
Бу манна баар бороҥ көстүүттэн атыҥҥа
Букатын да кыһаммат курдукпут дии.
Тоҥууттан-хатыыттан дуйа сотуллубут
Көмүс күһүн күрэҥсийэн хаалбыта.
Биһиги биир өҥҥө үөрэнэн хааламмыт
Саҥа хаартан бэл харахпыт сааппыта.
Тэлээрэн кэлэн тэллэх хаардар түһэллэр,
Бүтүн бэйэбин бүтүннүү бүрүйэ.
Курус көстүүлэр хойуу хаарга сүтэллэр,
Курус санааттан миигин өрүһүйэ.
Сахам сиригэр, Туймаадам туонатыгар,
Сайсары эбэм төрүт түөлбэтигэр,
Саха омугум сайдар киин куоратыгар
Саныахтан кэрэтик саҥа хаар түһэр.
Сирим-дойдум сэбэрэтин ыраастыырдыы,
Сир үрдүн көрүөх бэтэрээ өттүгэр
Кылбаа маҥан кыраасканан кырааскалыы
Мин хоту дойдубар саҥа хаар түһэр.
Халлаан улам хараҥардар-хараҥарар,
Хаардаах сир ол аайы сырдаатар-сырдыыр —
Оо, кэрэ бу көстүү улуутун аатыгар
Оннооҕор мин дууһам уруйдаан ыллыыр!
Ити мин бу маннык кэрэни уруйдуу
Этэбин дууһам өссө да эдэрин.
Саҥа хаар түһэр дуу, хараҥа сырдыыр дуу —
Ол аайы мэлдьи оҕолуу үөрэбин.
Уһун олоҕум усталаах-туоратыгар
Кэрэни мин да кэрэхсээн кэллэҕим,
Кырдьар сааһым кырыыс муҥа буолбатыгар
Итиннэ эрэ эрэнэн эрдэҕим.