САТА БАРБЫТ KҮHЭ

Бэҕэһээ хаары бурҕаҥната

Силлиэ-буурҕа өр да типтэ,

Сахалардыы этэр буоллахха,

Сата барбыт күнэ этэ.

 

Ханна хаһан ким өллө ити,

Кимиэхэ халлаан абарда?

Ойуун дуу, удаҕан дуу кини:

Кэрэтиитэ кэлэн барда?

 

Олус диэн элбэх сыллааҕыта

Оруобуна маннык баара:

Айылҕа кытта ытаабыта,

Аатырбыт уолун атаара.

 

Айыы дуу, абааһы дуу кини,

Аны да таайа сатыыллар.

Ол эрэн дьиҥ улуу киһини

Үөҕэллэр уонна хайҕыыллар.

Перейти к содержимому