Ыал бөҕөтө ыһыллар
Толоону, ойууру толорон,
Көҥүл айылҕаҕа олорон
Күүс-уох, эрчим ылаллар.
Тыаны ордук таптыыллар
Оҕолор уонна кырдьаҕастар,
Оттон кинилэртэн атыттар
Кэлэ-бара сатыыллар.
Тыа бэрдинэн бэрт эрэн
Тымныыта, тыала баар буоллаҕа.
Хайа, уонна хаалыаҥ турдаҕа
Хаарыаннаах сайдыыттан эн.
Куорат сир култуурунай,
Ууга, маска кыһаммаккын эн,
Тулаҕар дьон толору эрэн
Тулаайаххын дуу арай?
Итини санаантгын эн
Хайдаҕый сир уларыйыаххар,
«Дьонум-сэргэм» — дии-диигин
Тыаҕар көстөҕүҥ ол тэринэн.
Куораттан тыаҕа барыы —
Куруутун да улахан үөрүү,
Биир сиртэн атын сиргэ көһүү —
Бэйэтэ туспа ыарыы.
Тыһыынчанан ыал бүгүн
Тыастаах-уустаах куораты сирэн,
Аттаах, оҕустаах алаас сиргэ
Аны олорор бүгэн.
Арыт тыа, арыт куорат.
Ол аата дьон сир уларыйар
Ол туолбатаҕына утуйар
Уута кытта уу буолбат.