Туос ууран кылыйар томторбор
Ньургуһун намчыта үүммүтүн,
Apaaha, атыны ордорон
Аттынан аһары сүүрбүтүм.
Сыыспытым сылтан сыл биллэрэ:
Сыттым да xapaҥa түүн үөһэ
Эриэккэс түүл буолан тиллэрэ
Эдэр кыыс номоҕон мөссүөнэ.
Бэйэбит киэниттэн атыны,
Бэрпитин биллэрэ сатааммыт,
Бэл диэтэр тиийбэти даҕаны
Биһиги ордорор саҥнаахлыт.
Уонна дьэ ол намчы ньургуһун
Оҥостуо дуо сатаан олоҕун?..