СУОҺУРҔАНЫЫ

Үйэлэр алтыһар кирбиилэрэ.
Ким эрэ атаарар эргэ үйэни,
Ким эрэ айхаллыыр саҥа үйэни —
Элбииллэр ол аайы киирсиилэрэ.

Ити эрээри хаһан даҕаны
Ааспыт кэм ахтылҕана ааһыа суоҕа:
Кини даҕаны кимиэл күүһэ-уоҕа
Кэмигэр айдаҕа дии саҥаны.

Көҥүл иһин диэн көбдьүөрбүтүнэн
Саҥа үйэ эмискэ саба түһэр.
Олохпутун барытын ол түмүгэр
Урусхал гынар көрдөрбүтүнэн.

Үс Саха киһитэ бу иэдээҥҥэ
Суруллубатах сокуон быһыытынан,
Алгыһынан буолбакка, кырыыһынан
Анньыһыахтаах этэ тэбис-тэҥҥэ.

Ону баара, кини тоҕо эрэ
Өбүгэтин үгэһин тутуспута:
Барыларын кытары охсуспута
Баара суоҕа суоһурҕанан эрэ.

Этэр тылым иччилэнэн иһэр,
Саҥарар саҥам саталанар курдук.
Билигин бары тылга тииһэллэр,
Ол эрэн миигин тыыппаттара ордук.

Хардарар тылым хайаан даҕаны
Хайаларын эрэ хаарыйан ааһыа,
Үлүгэрэ диэн ити тыл аны
Үйэ саас тухары өйдөнөн хаалыа.

Өйдөнөн хаалыа киниэхэ, миэхэ —
Иккиэммит дууһатын эрэйдии, муҥнуу.
Тиэрдиэ биһигини итиниэхэ
Эппит тылбыт эппиэтинэһин умнуу.

Перейти к содержимому