СЭРИИ КЭМИН ЫРЫАЛАРА

Орто дойду олоҕун аймаабыт
Уоттаах сэрии бүппүт улуу сылыгар
Эмиэ биһиги өйбүт-санаабыт
Эргиллэн кэлэр дуу ыччаппытыгар.

Хантан билиэҕэй бүгүнтгү ыччат
Хаһан эрэ буолан ааспыт сэриини,
Көрдүүр, ылар курдук кини сыччах
Көрү, харчыны, көрүнньүк билиини.

Дьиксинэ саныыр мантан сорохпут
Дьиҥнээх олохтон тэйэн эрэбит диэн,
Улуу кыайыыбытын оҕолорбут
Олус судургутук өйдөөйөллөр диэн.

Туох тохтотуоҕай устар сыллары…
Эдэр буойуттары эһэн ааһаллар,
Сэрии кырдьаҕастарын кытары
Сэрии оҕолоро эрэ хаалаллар.

Уоттаах сэрии тыыннаах туоһулара
Онтон ордук ханна да көстүбэттэр,
Арай ырыалара-тойуктара
Ааһар сыллары кытта өлсүбэттэр.

Кинилэр бары араас-араастар:
Ардыгар ыардык ынчыктаан ылаллар,
Арыт таптыыллар үөрэ-харааста,
Арыт эмиэ да айхаллаан тураллар.

Ырыа диэн, кырдьык, норуот дууһата —
Ыраас салгыны ыраахтан илгийэр.
Кинини иһит даҕаны тута
Кэрэттэн долгуйан сүрэҕиҥ иэйэр.

Сэрии кэмин ырыалара син биир
Сэриилэспит дьон кэпсээннэрин курдук
Сэһэргииллэр барытын сиһилии,
Сэһэргииллэр барытын толорутук.

Улуу дойду абаран-сатаран
Турбута хааннаах өстөөҕү кыайаары.
Хараҥа түүн кирилиэскэ тахсан
Таптыыр кыыһа атаарбыта байыаһы.

Кыараҕас борук сэмилээнкэни
Кыракый оһох умайан сырдатар.
Эн күүтээр миигин, мин эргиллиэҕим,
Ким күүппэтэх итэҕэйбэтин баҕар.

Истиэп устун иһэллэр саллааттар,
Хараҥаҕа буулдьалар иһиирэллэр.
Өрүһү туораан эр санаалаахтар
Өстөөххө биирдэ өмүрдэн киирэллэр.

«Уой, туманнарым, мин туманнарым,
Уой, төрөөбүт ойуурдарым, тыаларым!
Хаатабын кэлэн умаппыттарын
Хайыыр да кыахтара суоҕа ыалларым…»

Ол хараҥа күүстэри утары
Охсуһааччы саллааттар, бартыһааннар
Бэрэлиини ылааттарын кытары,
Биллээртэрэ кыайыыны барабааннар.

Хоһуун быһыы үтүө холобурун
Көрбүттэрэ аан дойду норуоттара.
Оо, ханнаҕытый, мин доҕотторум,
Уонунан норуоттар ньургун уолаттара?!

Мин билэбин эһиги бааргытын,
Хас бииргит мөссүөнэ сүрэхпэр сылдьар.
Сөҕө да аахтым сэрии поэтын,
Сороҕор диэн эппит, суох илиим ыалдьар…

Биһиги кыайбыппыт ол сэриигэ
Сүрэхпит хайдар тыаһынан сөлүүттүү!
Ыччатым, эн бу тыллары бииргэ
Ыл да өйдөөн кэбис, илэ көрбүттүү!

Перейти к содержимому