Кыһына быйыл кытаанах буолуоҕа,
Сааһа даҕаны саарбах сымныыра.
Кыраҕа-хараҕа кыһаллыа суоҕа,
Кыһаллыа суоҕа кыахтааҕа ыыра.
Булбуккун-талбыккын бука диэн дьаһай,
Суор-тураах аһылыга гыныма,
Ааҥҥын тоҥсуйуо аны саас алдьархай,
Аскын-таҥаскын мээнэ ыһыма.
Эйиэхэ итини этэн тураммын,
Кэччэн диэбэппин, кэмчилээ диибин,
Киһиттэн эрэ кичээҥи буолаҥҥын,
Кимиэхэ эмит көмөлөс диибин.