Сэттэлээхпэр мин аан маҥнай.
Миҥэ акка мэҥэстэммин,
Сэһэн буолбут Сэттэ Хайа
Систэринэн кэлсибитим.
Сис суолугар сиһик хойуу —
Сирэйгинэн силэйэҕин.
Сэбирдэххэ симэх-ойуу
Сиэдэрэйин сэрэйэҕин.
Онно, отон сиҥнэ үүммүт
Сирдэригэр сынньанарбыт.
«Биһиэхэ да маннык үүммэт» —
Дии санааммыт санньыһарбыт.
Күн намтаан, күлүк уһуута
Бараммыта Сэттэ Хайа.
Көстүбүтэ Сиинэ уута
Сиэркилэлии чаҕылыйа.
Омос көрбүт олус үөрэр —
Оо, ол дьикти көстүү этэ!
Илистибит оҕо үөрэ,
Эмискэ сэргии түспүтэ…
Кыра дьоннор оннук маҥнай
Дьиэбититтэн арахсарбыт,
Ыраах-ыраах Сэттэ Хайа
Ыллыктарын батыһарбыт.
Биһигини олох суола,
Сиинэ күп-күөх суһумунуу
Умсулҕаннаах көстүү буолан
Угуйара ити номнуо…
Оттон бүгүн мин туораатым
Олоҕум сэттэ хайатын —
Олох үөрүүтүн, сылаатын
Оо, мин билэбин хайдаҕын.
Аны ол ааспыт суолларбын
Арай санаабар батабын,
Олортон саамай ыардарын
Хаста да хаттаан барабын.
Сэттэ Хайаны унуордаан.
Сэттэ сэймэлэк күөлгэ мин,
Сонордьут дьоммун удьуордаан,
Субу диэн чопчу кэлэбин.
Онно, ойуур саҕатыгар
Сэттэ сиргэ — үстүү дүлүҥ:
Алта оҕотун аттыгар
Аҕабыт сытар көмүллэн…
Кинилэри өр көрдүүбүн…
Уот сиэн — от-мас саба үүммүт…
Ол эрэн ол сэрии түүнүн
Умнуо дуо, тыыннаахтар, күммүт!
Оччоҕо олох тыйыһа:
Сэттэтэ этитэ барбата.
Күүстээх үлэ күнү быһа
Сэттэлээх-биэскин ылара.
Эн ону ол диэбэккэҕин
Күнү көҕүнэн көрсөрүҥ.
Күүһүҥ-күдэҕиҥ элбэҕин
Бэйэҥ даҕаны сөҕөрүҥ.
Ол барыта ыраах аны.
Арай мин ону саныыбын,
Арай мин ааспат баҕабын
Аҕыс алгыспар алгыыбын:
Сэттэ Хайам күөх систэрин,
Сиинэ эбэм сырдык уутун,
Сэттэ дьонум кэриэстэрин
Сэттэ өҥнөөх кустук куустун!