ТААБЫРЫН

Таба туттарбат там-татакай,

Таабырын төрдө баар үһү.

Таабырын төрдө, там-татакай

Таайыыта крыдьык диэн үһү.

 

Кинини көрдүүр, кэмин барыы,

Киһи өйүн тутуоҕуттан.

Айдаарар сымыйа кырдьыктыы

Арыт ким эрэ уоһуттан.

 

Албын аата ол эрэн албын,

Сымыйа аата сымыйа,

Ханнык да таҥаһы таҥыннын,

Хараҕын кистии, ымайа.

 

Сотору кини тоҕо сүөккүүр

Соругун-сыалын баарынан,

Баасса-баасса үөхсэрэ үксүүр.

Мааны мааскатын быраҕан.

 

Киһи арай кэлэйэн хаалар,

Кэмниэ-кэнэҕэс өйдөнөн.

Ким эрэ эмиэ киэптээн ааһар,

Кини санныгар өйөнөн.

 

Хааһылыы булкуллуу олоҕор

Хантан булуоҥуй кырдьыгы,

Харааччы иирэҥҥин, сороҕор,

Хараҥа диигин сырдыгы.

 

Таба туттарбат там-татакай,

Таабырын төрдө баар үһү.

Оо, кини таайыыта тараҕай,

Оҥоруо өссө үгүһү.

Перейти к содержимому