ТАБАЛАР

Тоһугур-таһыгыр туйахтар

Дугунаат кыыраһа көтөллөр.

Оо, бэрдиэн ойуттар-ойутар

Ойуур, тыа суолунан өр да өр!

Тайҕанан, сыһыынан эмиэ мин

Дайдаран, көтүтэн эрэбин.

 

Бука, ол буур таба көлөлөөх

Букатын былыргы кэмнэртэн

Бүгүнтгэ диэритин төһөлөөх

Бүппүтэ буолуоҕай сыл кэлэн?

Үйэлэр, үйэлэр, үйэлэр…

Аастылар буолуоҕа үйэлэр.

 

Оттон дьиҥ иһигэр ол кэмтэн

Уонунан эрэ сыл ааспытын

Биир эмэ сааһырбыт киһиттэн

Билиэххит соһуйа барытын.

Биир киһи олоҕун ааһыыта

Бэрт элбэх умнуллар, быһыыта.

 

Ол арай мин түүлбэр табалар

Түүн аайы тамайа сиэлэллэр.

Түҥкүһэн тураахтыыр тыаларбар

Түһэллэр буурҕалар, силлиэлэр…

Табалар, табалар, табалар,

Тамайа сиэлиҥ дуу, табалар!

Перейти к содержимому