ТАҤАРА

Аан бастаан ыларын ылаллар,

Kиһи диэн киибэстээх да баҕайы,

Онтон дьэ олоҕу  ыһаллар,

Ол оннугар соҥнууллар ырайы.

 

Аан дойду айыыта-харата,

Айдаанын төрдө биһиэхэ уһу,

Алдьархайтан арай таҥара

Айыылаах дьону абырыа уһу.

 

Таһыынчанан сылларга көҥүл

 Тыынын хаайа сылдьыбыт «таҥара»

Этэн эрэр итинник бүгүн

Эмиэ дьон өйун иирдиэн  баҕара.

 

Тобуктаан турар кулут киһи

Дьоло-соргута туохха эбитэй,

Көхсун көннөрбөт көкөт киһи

Көҥүлэ, чиэһэ туохха эбитэй?

 

Итэҕэйээччигэ «айбыта»

Илгэни түһэрбитэ иһиллибэт,

Киһи аймах сиэрэ-майгыта

Киниттэн көммүтэ эмиэ биллибэт.

Перейти к содержимому