Биһигини барыбытын арыт-ардыгар
Мин хайдах эрэ аһыныах санаам кэлэр:
Дьон дуу – бу маннык нэс буолбут абаккатыгар,
Бэйэм дуу – бу маннык мөлтөөммүн эбэтэр.
Көмүс күһүн кэлэн күлүмнүү аххан турар.
Бэл, ол ону кэрэхсиир оччо-бачча суох.
Уруккута уу долгураҥ олохпутугар
Бу туох иэдээнэ-алдьархайа буолла, туох?
Биитэр уларыта тутуу уора-кылына
Алларытта дуу олохпутун бу маннык?
Эбэтэр арҕааҥҥы дуу ааһар тыал салгына
Эппит сааһынан ити киирдэ салаҥнык?
Уруккуттан да биһиги, сэрэҕэ суох дьон,
Манна баҕас оонньообуппут оҕус буолла.
Ол биир уһугунан биһигини да охсон
Билигин баҕарбыппыт барыта туолла.