Тыалчааным, түүнү быһа
Түннүкпэр кэлэн тыаһаама!
Эдэр сааһым аргыһа,
Эн аны миигин суохтаама.
Таһырдьаттан кииримэ
Миэхэ аһаҕас аанынан,
Таһаараары тииһимэ,
Тамнаама дьиэбин хаарынан.
Чугаспар да сүүрүмэ,
Тулаайах хаалбыт оҕолуу;
Аны миигин күүтүмэ
Араас сиргэ уруккулуу…
Эдэр-сэнэх эрдэххэ
Эйигинниин тапсыһарбыт,
Сылайары билбэккэ
Сырыы аайы хапсыһарбыт.
Эрчим эрэ элбэҕэ
Эйиэхэ да, миэхэҕэ да —
Икки тэҥнээх күрэҕэр
Эстии суоҕа кимиэхэ да.
Арай өссө күүһүрэн
Аан дойдуну тэлэйэрбит,
Аара суолга сүүһүнэн
Аргыстанан тэнийэрбит.
Чэгиэн-чэбдик салгыны
Дьиэлэр аайы аҕаларбыт,
Ыраас сырдык ыраны
Сүрэхтэргэ уматарбыт.
Сырдык ыра, сырдык сыал
Сыанатын биһи билэрбит;
Эдэр саастыын эдэр тыал
Ини-бии курдук этибит…
Оттон бүгүн кииримэ
Миэхэ аһаҕас аанынан,
Таһаараары тииһимэ,
Тамнаама дьиэбин хаарынан.
Чугаспар да сүүрүмэ,
Чуумпура түһүүм — аймаама!
Аны миэхэ түүл тэҥэ
Аан дойду көрө, айдаана.
Аны сылаас суорҕантан
Атаһыҥ кыайан тахсыбат.
Истиий, ити суор хантан
Ону билэн арахсыбат?!
Хайыаҥый! Олох бүтэр…
Хата эн миигин умнумаар,
Кыра томтор үрдүгэр
Миэхэ мэлдьи сылдьа тураар!