ТЫҤЫРАХ

I

Саас кэлбит курдуга букатын,

Үнүрүүн, от тиэйэн истэҕинэ.

Халлаан ол ылааран ылбытын,

Хайдах маннык мэлдьэһэн кэбистэ?..

 

Күөл ньуура биир кэм туналыйар,

Күннэри-түүннэри тибии тибэр,

Сытыы тыал сыа хаары ытыйар,

Сылдьыбыт суолгун сонно мэлитэр.

 

Булуоҥ дуо биир эмэ куобаҕы,

Куруппааскыны дуу, бу тибиигэ?..

Оннооҕор буолуоҕу бултуоҕун,

Убайа сырыттаҕа сэриигэ…

 

Эдэркээн кыыс эрэйэ элбээн

Итинник санааҕа кэлэр этэ,

Көрөр сүөһүлэрин ийэтинээн

Күөлгэ уулата киирдэллэр эрэ.

 

Кэрэмэс саһыллыы кэрэчээн,

Тыҥырах диэн кинилэр ыттара

Илин-кэлин түһэ эккэлээн,

Дьонугар мэлдьи доҕор буолара.

 

Былырыын кыһын ыал биэрбитэ

Түүлүүн дьүүкээрбит күөрт ыт оҕотун.

Солохтоох ууга сөгүөлэтэн,

Сууйбуттара аххан хоһоҕотун.

 

Дьэ уонна бэйэлэрин кытта

Тэҥҥэ аһатан, бииргэ утутан

Кинини хара маҥнайгыттан

Ииипиттэрэ, оҕо курдук тутан.

 

Ыттарын оҕото хас күнүн

Сирэйэ-хараҕа сэргэхсийэн

Сүүнэ ыт буолбута күһүнүн,

Куттарын туппута эйэтинэн.

 

Оннук дьэ олордохторо бу

Үһүөйэх үрэх баһыгар кыстаан;

Ийэлээх кыыс, эр киһи курдук,

Өлөр муҥунан үлэлээн-хамсаан.

 

Оҕуһунан тоҥууну тэлэн,

Ойууртан тахсан мастарын мастаан,

Отучча сүөһү, өл да тилин,

Отун тиэйэн, хотонун ыраастаан.

 

Онуоха эбии хас да сылгы

Хаһыыга баарын хайаан да баардаан,

Түөрт түөрэхтээх төгүрүк сылга

Куһу, куобаҕы бултаһа сатаан.

 

Күөллэригэр көһөрө сылдьан

Күөнэххэ тууларын угаллара…

Бултарын сыыһыттан мунньуһан,

Оҕолорго уурса тураллара.

 

Кыһыҥҥы өрөбүлгэ эрэ

Кырачааннар кэлэн бараллара,

Онтон өр чуҥкук киэһэлэргэ

Чуопчаарар курдуга саҥалара…

 

II

Саас буолан, хаар ханна да суоҕар

Халлаан өр хатаан чыгынаппыта.

Астара бүтэн, күүһэ-уоҕа

Эстэн, ийэтэ олох сыппыта.

 

Хантан даҕаны көмө суоҕа —

Хайдах буоларый колхоз сүөһүтэ?..

Аны быыкаа лэппиэскэ дуома

Ананар этэ кыыһыгар эрэ.

 

Оттон кыыһа сүөһүлэригэр

Кырыымчык оту тиэрдэ сатыыра.

Сир харааран, Тыҥырах эрэ

Син ону-маны булан аһыыра.

 

Биирдэ кини түбэһэ түһэн

Тыаҕа куобах тыыныгар турбута,

Куобаҕын ортолуу сиэн иһэн

Тугу эрэ санаан тохтообута.

 

Бу гугу гынабын диэбиттии,

Буруйдаах курдук көрүөлээбитэ,

Онтон олус диэн тиэтэйбиттии

Куобаҕын ытыран дьиэлээбитэ.

 

«Өйдөөх ыт киһитээҕэр ордук» —

Кини кэлэн ааны тарбаабыта.

Дьоно айманыан билбит курдук,

Кэһиитин уураат, туора хаампыта.

 

Хас күн ахсын итинтэн ыла

Тыҥырах кэһиитин аҕалара,

Кыысчаан арыый да сэниэ ылан

Сүөһүлэрин тахсан аһатара.

 

Хор, оннук куобах быһаҕаһа —

Ким итэҕэйиэй ону бүгүн —

Өлөр өлүүттэн быыһаатаҕа

Икки киһини, отут сүөһүнү.

 

Оттон ол быыһыгар ким эрэ

Сылааска, бочуокка олороро,

Сылгыны, ынаҕы элбэтэр

Сыллааҕы былааны оҥороро.

 

Кэмниэ-кэнэҕэс, хомнуо-хойут

Ол дьон дьэ көтүтэн кэлбиттэрэ:

«Уруй! Сталин сурук суруйбут

Кыайыыларбыт иһин!» — диэбиттэрэ.

 

«Аны ыалдьаргыт да сатаммат,

Өссө күүскэ үлэлиэх тустааххыт!..

Эһигини колхоз умнубат —

Бу баар нуорма бурдуккут, табааххыт…»

 

Ол эрэн ас-үөл да кэлбитэ

Кэлэйии мууһун ириэрбэтэҕэ,

Бэл ийэ үөрүнньэҥ бэйэтэ

Үрүҥ да, хара да диэбэтэҕэ…

 

III

Оргууй устар хамса буруота.

Оһох уота улам сөҕүрүйэр.

Араас санаалар ким да суоҕар

Ааһаллар аа-дьуо ийэ өйүгэр.

 

Отуттан тахса сыллааҕыта,

Саҥардыы тыллан эрэр сэбирдэх,

Кини төрөөбүт алааһыттан

Кэлбитэ сүктэн бу ыраах сиргэ.

 

Онтон ыла дьиэ-уот тэринэн,

Уруу-хаан тардыһан, сүөһү иитэн

Олооргоро син ыал тэнинэн…

Оо, ыара ол олох үрэллиитэ!..

 

Холбоһукгааһын холоругар

Үс ыанар ынахтан, үөр сылгыттан

Ордубута оҕолоругар

Хотоҥҥо биир ынах, далга биир ат.

 

Аҕалара — мас көнө киһи,

Биир да сүөһүтүн уччуппатаҕа,

Атьптар курдук сиэбэтэҕин

Арыгыга, хаартыга куппатаҕа…

 

Ол обургулар аны ити

Тойон-хотун буолан турдахтара,

Тулаайах дьону мөҕө-этэ

Талбытгарынан сырыттахтара.

 

Кинилэр «умнубат» үһүлэр…

Оо, дэлэлээх да көрдөспөтөҕө!

Аҕаларын көмөллөрүгэр —

Ким да кэлэн көмөлөспөтөҕө…

 

Оҕолорун, ыалларын кытта

Бэһис хонугар харайбыттара.

Онтон сылтаан саҥарсарытган

Кинини хатайар курдуктара.

 

Ол иһин кыыһын от тиэйтэрэ,

Отгон бэйэтин сүөһү көрдөрө

Ыалтан-кусган ыраах биэрмэҕэ

Ыххайан туран көһөрдөхтөрө.

 

Оо, хаһан оҕото эргиллэр,

Хаһан кыралар көмө буолаллар?..

Бу дьылы син туораан эрэллэр,

Эрэл баар Тыҥырах да куобаҕар.

 

Сотору «Туллуга» төрүөҕэ —

Сибиэһэй үүттэн сэниэ киириэҕэ.

Күөллэргэ үөр көтөр түһүөҕэ —

Биир эмэ куһу тиргэлээн сиэҕэ…

 

Ийэ туран түннүккэ барар.

Халлаанын көрөөт, хараҕа сымныыр:

Хара былыттан хаар оннугар,

Харах уутунуу, самыыр таммалыыр…

 

IV

Сэһэн барбыта чугас эргин

Тыҥырах диэн дьикти ыт туһунан,

Хайдах кини бүтүн дьиэ кэргэн

Быстыаҕын быыһаабытын булдунан.

 

Сиргэ барар булчуттар аны

Ол ыты эттэһэн ылаллара;

Туруоран, тохтоппут тайаҕын

Чугастан, бу киирэн ыталлара.

 

Тыҥырах арыт илбиһирэн

Тайаҕы сырсан баран хаалара,

Ханна эрэ тиэрдэн, син ситэн,

Булчут бу кэлиэ диэн, өр хаайара.

 

Булчут кэлбэтэ — онтон быһа

Кини хомойон дьиэлии турара.

Ол иһин сорохтор балыһан

Өлүү этиттэн матараллара.

 

Ол аайы ийэ айманара,

Оҕолор эмиэ сүөм түһэллэрэ.

Ону өйдүүрдүү талаһара

Тыҥырах тыаҕа, тайахха эрэ…

 

Күһүөрү сайын ол буолбута.

Бары барыта быалаах-туһахтаах.

Орто уол от охсо турбута,

Субу бүтэрэ охсор соруктаах.

 

Кини тайахтыы барыахтааҕа —

Бастыҥ баҕата маҥнай туолара.

Бүгүн да ити Тыҥыраҕа

Тугу эрэ үр да үр буолара.

 

Барыахха дуу, барымыахха дуу?

Чэ, тииҥи эҥин ыаһахтыыр ини…

Оттон ыта бу кэлэн тохтуур,

Ыҥырар курдук, ыйылыыр кини.

 

Уол ону таайбакка, ытыгар:

— Тохтуу түс, субу бүтүөм, — диэбитэ.

Уонна өлөҥ хойуу отугар

Хотуура эмиэ күөрэҥнээбитэ.

 

Ол курдук охсон истэҕинэ,

Кулгааҕар хобдох тыас «хоп» гыммыта,

Хотуурун анныттан эмискэ

Тыҥырах часкыйаат, ыстаммыта.

 

Киһилии кылана-кылана,

Ыта тыа диэки түһэ турбута;

Кэнниттэн суола кыа хаанынан

Кэриэс тылыныы суруллубута…

 

Бу оһол — буруй суох-суоҕунан,

Аһыыта арай ордук балысхан.

Оо, хайдах суорума суолланныҥ

Саатар эн, эн — кэрэ ыт барахсан?!

 

Бу хаһан ханнар харах уутай?

Хантан кэл да кэл буоларый ити?

Маныаха арай аҕа, убай

Аһыылара тэҥнэһэллэр ини!..

 

Тыҥырахтарын бүгүн эмиэ

Көрдүү сатаатылар бары баран.

Хара сиргэ хаан эрэ бэлиэ —

Хантан булуоҥуй, мээнэ батыһан.

 

Оттон бэҕэһээ оһол иннинэ

Ол муҥнаах тайаҕы үрээхтээбит…

Булчут булан-булан итиннэ

Мунааран биэртэ — буолар да эбит.

 

Баҕар кэлээрэй даҕаны диэн

Кэтэһэллэрэ-манаһаллара,

Оҕолор, хаһан эрэ истиэн,

Ойуурга тахсан ыҥыраллара.

 

Арай түөртүүр ынах саҕана

Аттаахтар астаран кэлбиттэрэ,

Өлүү-сүтүү ыар кутурҕана

Ынчыктыыр ыалыгар киирбиттэрэ.

 

-Эппиттэр барытын баарынан,

Онон эһиэхэ аах оҥоробуг.

Ыккытын аһыйбыт аатыран

Бары борогууллаан олороҕут.

 

Маннык бас-баттах барбыккытын

Кытаанах миэрэҕэ тардыллыаҕа,

Бу кыыһы эмиэ бастаабытын

Бириэмийэтитгэн быһыллыаҕа…

 

-Тойоттор! — диэтэ ийэ манна,

Тулуйарыттан ааһаахтаан буолуо.

Эһиги бэйэлээхтэр ама

Итиччэни эппэт буолуоххут дуо.

 

Оннооҕор бу үлэ үөһүгэр

Оҕону-дьахтары анньан баран,

Бэйэҕит аллаах ат үрдүгэр

Айыы сылдьаҕыт, санааҕыт буолан…

 

Хайа, сиэри-майгыны умнуу

Кэлин сэттээх-сэмэлээх буолаарай?

Хаһан эрэ эһиэхэ ону

Ханнык эрэ оҕом санатаарай!..

 

-Көр, өссө сааммыттаах-баҕастаах!..

Эйигин ити тылларыҥ иһин,

Били бэлэм астаах-таҥастаах

Сиргэ сытыаран, сыһытар киһи!..

 

Итиэннэ, хара күлүктэрдии,

Киирбит дьон иккиэн тахсан бардылар,

Бэртэрин биирдэ сүтэрбиттии,

Бэл халҕаны хайа бырахтылар…

1989 сыл

Перейти к содержимому