Убаастаһыы дьолго тэҥ дуу:
Улаханнык саныыбыт,
Кини наада утах уулуу –
Көрдүү, була сатыыбыт.
Ытыктаһар, убаастаһар
Ыаллар, дьоннор элбэхтэр,
Кыра аайы саастарыгар
Кыыһырсары билбэттэр.
Сорохтордуу үөрэппэттэр
Убаастаһыы диэн тугун,
Олороллор — онон бүтэр,
Улуу таптал олоҕун.
Онтон, бука, тахсан кэлэр
Убаастаһыы бэйэтэ:
Оннук уйгу, оннук кэрэ
Улуу таптал эйгэтэ.