УЛУУ КЫАЙЫЫГА

Бэс ыйын сүүрбэ иккитигэр
Сырдык күннэр уһаан бүтэн,
Хара түүннэр кылгаан бүтэн
Хараҥа дуу күүстэр тиллэллэр?..
Ол сайын оннук да буолбута.
Уот сэрии умайан турбута.

Өһүөннээх өстөөх сэриилэрэ
Өйдөппөккө саба түһэн,
Хара түүнү күлүктэнэн
Харса суох кимэн киирбиттэрэ.
Чаҕылҕанныы сэрии чахчыта
Чаас аайы табыллан барбыта.

Биллэринэн, Кыһыл Аармыйа
Бэрт сүтүктээх чугуйбута,
Брест иһин өр охсуспута,
Берлини буомбалыы таарыйа…
Саамай улахан сэрии сиргэ
Саҕаланыыта оннук этэ.

Сүүс омук холбоспут дойдута
Маннык ыар охсууттан ордук.
Кумахха туппут дьиэ курдук,
Ыһыллыах тустаах этэ тута.
Ону улуу Сэбиэт дойдута
Биир ньыгыл буолан тулуйбута.

Кини аҕыйах ый иһигэр
Тыһыынчанан собуоттарын
Тыылга көһөрөн барытын
Хааччыйбыта фрону кэмигэр —
Оҥоро охсубут таанката
Онтон киирэрэ атаакаҕа.

Баар-суох ас-таҥас, бастыҥ үлэ
Барыта фроҥҥа ананар,
Барыта кыайыы туһугар,
Оннуга ол кэм көрдөбүлэ:
Кыайыы төрдүн тыыл уһанара,
Кыайыы иһин фронт охсуһара.

Айар-тутар Аҕа дойдубут
Эмискэ тыыл эбэтэр фронт
Иккиттэн биирдэрэ буолуон
Истиэ да суох этибит урут,
Ону баара алдьархай ааҥнаан
Турбуппут бары биири санаан.

Аан дойду алтаттан бииригэр
Араас омук биир сомоҕо,
Бэриллэр ол бэл оҕоҕо,
Өлүү буолан өстөөх бииһигэр.
Кыралыын турбут норуот күүһэ
Кырдьык даҕаны көмүөл күүһэ!

Өбүгэлэрбит саҕалартан
Өстөөх диэн тыл өрүү баара,
Ол эрэн олох ырааҕа
Уот сэрии диэн тыл сахалартан.
Итиннэ дьон үгүс да өттө
Өлүүттэн атыны көрбөтө.

Ытыыр да, ыллыыр да элбэҕэ…
Барааччы барыа — туох буолуой,
Хаһан да аһыыта диэн туой
Хаалааччыга тиксэн эрдэҕэ —
Аргыый сотто харахпыт уутун,
Атаарбыппыт алҕаан дьоммутун.

Оҕо, дьахтар, кырдьаҕас буолан
Олус диэн ыар ол түөрт сылга
Биһиги хаалбыппыт тыылга —
Кинилэр барбыттара фроҥҥа,
Үс саха аатын аан дойдуга
Үрүҥ тыыннарынан толуйа.

Сахалар омук быһыытынан
Маннык улахан сэриигэ
Маҥнайгы кыттыыбыт этэ,
Ол эрэн сурах барыытынан
Хотугу дойду уолаттара
Хорсун буойуттар буолбуттара.

Дьиҥэ да киэҥ тайҕа киһитэ
Тииҥи харахха табара,
Хардаҥ эһэлиин хапсара,
Тайаҕы уҥаран ситэрэ,
Саарбаны сонордоон булара,
Бөрөнү сойуолаан ытара.

Снайпер мас хойуу лабаатыгар
Хорҕойон саспыт өстөөҕү
Инники булан көрөөрү
Булка холуура санаатыгар,
Оччоҕо чэпчэки буолара,
Ол өстөөх таптаран сууллара.

Бэргэн дьонунан аан бастатан
Биллибитэ Саха сирэ
Алдьархайдаах ол сэриигэ.
Арааһа, онно буһан-хатан
Инники олоххо биһиги
Эрэллээх буоллахпыт билигин.

Албан ааттаах Кыһыл Аармыйа
Алаһа дьиэни алдьаппыт,
Аан дойдуну айгыраппыт
Адьырҕа фашиһы кыайбыта —
Хаанынан кыыһар ол кыайыыны
Хараардыа суоҕа туох даҕаны!

Син улахан уу халааныныы
Сэрии да умнуллан ылар,
Ол кэмҥэ дьэ олох сайдар,
Уҥа-хаҥас арыт халбаҥныы.
Бу биһиги олорор кэммит,
Бука, эмиэ оннук кэм эбит.

Маннык кэмтэн аҕа көлүөнэ
Айманар ордук атын диэн,
Ытык тылын кини тиэрдиэн,
Ылыныа дуо эдэр көлүөнэ?!
Умнар да, өйдүүр да баар буолуо,
Ол онно буруйдаах кэм буолуо…

Улуу Кыайыы алта уон сылыгар
Ол иһин бүгүн этиэххэ
Ону аҕалбыт киһиэхэ
Уонна бар дьоҥҥо барытыгар:
Ким даҕаны умнуллубата,
Туох даҕаны умнуллубата!

Ити тыллары хаһан эрэ
Уоттаах, төлөннөөх араатар,
Ольга Бергольц диэн аатырар
Ленинград биир көмүскээччитэ
Уонна бастыҥ поэтессата
Биһиэхэ кэриэс хаалларбыта.

Умнар даҕаны өр буолбатах,
Хараардар өссө судургу,
Хоноот да балыыр обургу
Куолулуур барытын бас-баттах,
Кини туой бэйэтин туһатыгар
Киэргэтэр эбэтэр токурутар.

Ол курдук Ийэ дойдуларын
Босхолуур иһин өлбүттэр
Бостуой сиэртибэ үһүлэр,
Бэл диэтэр ыаллыы омуктарын
Билиэнтэн быыһаабыт саллааттар
Билигин окупаан ааттаахтар.

Хас биирдии улуу сабыытыйа —
Ханнык эрэ кэм мөссүөнэ,
Ону хас саҥа көлүөнэ
Олорор саҥалыы арыйа,
Ол иһин ааспыты эн мээнэ,
Оҥорон ыччакка кэпсээмэ.

Ырыа-тойук ыраах дуорайдын
Ыам ыйын тохсус күнүгэр,
Хаһан да кырдьык үрдүгэр
Хара сымыйа халыйбатын,
Улуу норуот историятын
Уһун ситимэ быстыбатын!

Перейти к содержимому