Хата турар хардаҕаһы,
Көбүс-көнө саастаах маһы,
Аа-дьуо ылан сүгэтинэн,
Аҕам эмиэ үгэһинэн,
Киҥинэйэн ыллыы-ыллыы,
Кэбэҕэстик тырыыҥкалыыр.
Онтон оһоҕун иннигэр
Тымтык тыыран тэлимнэтэр,
Чараас кэтит тымтыктары
Дьааһылыыбын мин утары,
Хотоҥҥо илдьэ тахсарбын,
Хомуйан туспа тутабын.
Уоттан тымтыгы уматтан,
Умуорбаттыы ону тутан
Ийэбинээн ыксалынан,
Сүүрэр-хаамар ыккардынан,
Хотоммутугар тиийэбит,
Хоочугураһан киирэбит.
Онно мин тымтык тутабын,
Хотон иһин сырдатабын.
Ийэм ынаҕын ыар диэри,
Илиибин сиэтэ-сиэтэбин,
Саҥаттан саҥа тымтыгы
Салгыы умата турабын.
«Көмө киһи буолсу, оҕом!»—
Диир ийэм, аһыы олорон.
Оттон мин онно тэбинэн,
Уус киһи курдук тэринэн,
Баран сытыы быһыччанан
Баҕам хана кыччанабын.
Ол курдук оннук киэһэлэр
Олус диэн сэдэх этилэр,
Олус диэн сэдэх эгилэр,
Ол эрэн син баар этилэр…
Олор бүгүн мин дууһабар
Умайар тымтык буоллулар.