УМНАР ДЬОҔУР

Хаппыт туорах түспэтэр
Ханна саҥа үүнүө этэй?
Кир-хах сууллан испэтэр
Кэрэ хантан кэлиэх этэй?
Өс-саас умуллубатар
Өлүү-сүтүү үксүөх этэ,
Туох да умнуллубатар
Дууһа тууллан бүтүөх этэ.
Куһаҕаны, хобдоҕу
Куруук умна сатаныахтаах,
Огдолуйбут олоҕу
Оннук эрэ салҕаныахтаах.
Эллиннэрдии эттэххэ:
«Умнар дьоҕур – улуу бэлэх»,
Кини, эбэн эттэххэ,
Киһи аайы бэриллибэт.
Умнар дьоҕур бэриллэр
Олус үтүө санаалаахха,
Үчүгэйи үксэтэр
Өрүү сырдык баҕалаахха.
Буолуо суоҕу, кыраны
Бука санааҕа тугумаҥ,
Хотуһаары даҕаны
Хойоххутун хостоһумаҥ.
Куһаҕаны умналлар
Үчүгэйи өйдөөччүлэр,
Сайдам-дьэллэм буолаллар,
Саҥа суолу көрдөөччүлэр.

Перейти к содержимому