УНИВЕРСИТЕТ АҺЫЛЛЫЫТА

Мин өйдүүбүн хайдах Саха сиригэр

Университет аһыллыбытын,

Ыраах биэс уон алтыс сыл күһүнүгэр

Умуллубат уот саҕыллыбытын.

 

Мэлдьитин да биһиэхэ буоларынан,

Мин дьолбун дуу киин сиргэ көрдөөммүн

Тыа ыччаттара тыырбыт суолларынан

Куоракка саҥа кээлтим ол күһүн.

 

Бастаан утаа киэҥ куорат устун ордук

Кэлэрим-барарым көрөөрүбүн,

Киһи кута-сүрэ тохтуо суох курдук

Куорат сир олоҕун өйдөөрүбүн.

 

Ол эрэн сотору уол оҕо бэрдэ

Сүүрүү-көтүү бөҕөтө буоларым,

Хойутаан сытарым, сарсыарда эрдэ

Гимн оонньоото да ойон турарым.

 

Оччоҕо мин үлэлиирим тутууга

Киэһэтин үөрэнэ-үөрэнэбин.

Биирдэ университет баар буолуута

Бэрт сурах этэ миэхэ ол иһин.

 

Көҥүллүүллэрэ буоллар күн бүгүн да

Туттарсан киириэхтии сананарым,

Мин ити курдук күүстээхтик, бадаҕа,

Билиигэ-көрүүгэ тардыһарым.

 

Ол күн улуу бырааһынньык буолбута,

Куоракка музыка дуорайара,

Болуоссат устудьуоннарынан туолбута,

Сүрэхпит үөрүүттэн долгуйара!

 

Саха ыччата ол күн сахатынан

Аан бастаан киэн тутта санаммыта.

Оттон түүн куорат киин уулуссатынан

Факеллаах хаамсыы саҕаламмыта.

 

Перейти к содержимому