Турбуттара ньургуһуннар
Курустаал таас вазабар,
Ону бүгүн солбуйбуттар
Уоттуу кыыһар розалар.
Уона тэлбит, үһэ илик –
Барыта уон ус роза.
Поэзия диэн бу эбит,
Онтон атына – проза.
Тыыннаах тылы көрдүү сатаан
Күммүн-дьылбын барыырым,
Булан баран, эмиэ хаттаан
Этэн иһэн харыырым.
Сылайарбын-элэйэрбин
Сырыы аайы умнарым,
Тылтан тугу эрэйэрбин
Оннук эрэ буларым…
Доҕотторум бэлэхтэрэ –
Курустаал таас вазалар,
Оҕолорум бэлэхтэрэ –
Уоттуу кыыһар розалар.
Бүгүн – уон үhүc чыыһыла,
Розам эмиэ уон үстэр.
Уон үстэн дьоллоох чыыһыла
Бүгүн суох мин сүрэхпэр.
Умайар кыыһа, тэтэрэ
Остуолбар уон үс роза.
Поэзия диэн ол эрэ,
Онтон атына – проза.