УОЛА ХААН

Өскөтүн олоххо-дьаһахха

Өс хоһоонун туттар буоллахха,

Уол оҕо бэлиэ уҥуоҕунан,

Оттон кыыс оҕо — суһуоҕунан.

 

От-мас улаатар хамсыы-хамсыы,

Оннук күүстээх күҥҥэ тардыстыы.

Оҕо даҕаны уҥуоҕунан

Уһаатын төһө уһуоҕунан.

 

Толуу көстүүлээх — туһугар дьол,

Туох куһаҕаннаах буолуоҕай ол?

Ол эрээри эн уола хааҥҥын

Олох быһаарбат улаханыҥ.

 

Хайаҕыт эрэ эһигиттэн

Хайаан даҕаны иһиттэҕэ

Ардыгар бүгүн сэргииллэрин

Атыннык сарсын кэпсииллэрин.

 

Атаскыт уһунун көрүмэҥ,

Албын ээ киһи тас көрүҥэ,

Уунаҥнаан түһээхтээн, киһигит

Улахана эрэ киһитик.

 

Өссө сороххут эһигиттэн

Үөрэ-соһуйа иһиттэҕэ

Алҕаска урутсэнииллэрин

Аны киэн тутта кэпсииллэрин.

 

Эһиги көрүмэҥ кыратын,

Эстиэххит сэнээҥҥит букатын:

Кыра да буоллар кырбадаһын,

Кыайбыта баар буолар барытын.

 

Ол тугун-ханныгын биһиги

Ол сахха ырыппат этибит,

Билэрбит арай ойуурбутун,

Бэркэ диэн онно оонньуурбутун.

 

Итинник биирдэ оонньуу сылдьан

Икки уол, бэртэрин былдьаһан,

Тыллайан турдулар аар маска

Чыпчаалыгар тиийэ тахсарга.

 

Биирдэрэ Тиимэ диэн кыра уол,

Бэйэтэ бэһис «А» кылаастан,

Иккиһэ Былаас диэн уһун уол,

Бэйэтэ бэһис «Б» кылаастан.

 

Тиит төргүү мутугар ыйаастан,

Тиимэ уол тииҥ курдук хатаастан

Хоп-хойуу лабаалаах аар маска

Холкутук бэрт үөһэ таҕыста.

 

Уочарат аны «Б» кылааска,

Ол аата уп-уйун Былааска.

«Уунан да тиийииһик» дэһэннэр,

Оҕолор кинини күлэллэр.

 

Күүс-күдэх дуу баарынан түһүнэн,

Көрдөххө, Былааспыт сүр түргэн,

Ол эрэн сотору бытаарар,

Ол күрэх дьылҕатын быһаарар.

 

Былаас уол Тиимэ баар сиригэр

Быыкаанан тиийбэтэ кэмигэр,

Хайыаҕай, кини да кытаата,

Харса суох киирсиһэ сатаата.

 

Кыраҕы бөҕөлөөх бэһистэр

Кыайыыны Тиимэҕэ биэрдилэр,

Кыра уол тииҥ- курдук хатааста,

Кырдьык да, бастыаҕын бастаата.

 

Олоххо-дьаһахха ардыгар

Улаханыҥ билбэт быһыылаах,

Ол иһин туохха барытыгар

Уола хаан буоларыҥ наадалаах.

Перейти к содержимому