Сарсыарда аайытын салгыҥҥа буруо —
Ойуур-тыа баайбытын уот сиирэ
буолуо?..
Күн өһөр кытара, буруо сүр хойуу,
Ол аата чугаспар умайар ойуур.
Санаабар, бэл тыаһа иһиллэр курдук,
Уот ыраах түҥ тыаҕа кутталлаах ордук.
Хоруота буруолуун бу кэлэ турар —
Оҕолуун-уруулуун уот быһа барар.
Харахпыт аһыйар, хас биирбит ыксыыр.
Бу уоту туох кыайар, ким мантан
быыһыыр?
Оҕолуур сааспыттан ол миэхэ сылдьар,
Бүгүн да ааспакка сүрэҕим ыалдьар.
Уоту түүн умуорар ордуга биллэр,
Бэрт кыра да буоллар син биир сиик
түһэр.
Күн киирэн буолуохтаах тыала да
сэллиир,
Күрдьэхтээх, хойгуолаах ойуурга
элбиир.
Дьэ уонна дьон уоту эргийэн барар,
Дьиэлэргэ туруоҕун боһойо хаһар.
Баҕар бу сир аайы баар ньыма буолуо?
Салгыҥҥа чаас аайы аҕыйыыр буруо.
Сарсыарда барыбыт охто сылайар,
Ол эрэн баҕарбыт уоту да кыайар.