УОС НОМОҔО

Бука, үс саха көрүүтүгэр
Бу өс хоһооно төрүүрүгэр
Кыһыҥҥы, сайыҥҥы киһи
Кыттыспатаҕын да иһин,
Күһүҥҥү киһи көҥүлүнэн,
Сааскы киһи санаабытынан
Көтөн түстэҕэ ыалыгар,
Ыала ону ырыатыгар
Туойдаҕа хайдах көрбүтүнэн,
Туох диэн онно саҥарбытынан:
«Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн,
Сааскы киһи салбаммытынан».
Итинник эппит киһини
Эҕэрдэлиибит биһиги:
Ол этиитэ бары өттүнэн
Олустук диэн сатаммытынан,
Үтүөкэн тылынан-өһүнэн
Үйэлэргэ салҕаммытынан,
Бэргэнник эппитэ сөбүнэн
Билигин да салгыппатынан
Уонна үс саха кутун тутан
Уос номоҕо буолбутунан:
«Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн,
Сааскы киһи салбаммытынан».

Перейти к содержимому