УРАТЫҤ ДИЭН УЛУУ ЭТИҤ

Миигин тонолуппакка одуулуу-одуулуугун

Эн турарыҥ эмиэ күүтэрдии туттаҥҥын.

Оччолорго мин хантан билиэмий эн

улуугун,

Эн турарыҥ эмиэ күүтэрдии туттаҥҥын.

 

Мин эдэркээн кыыс оҕо имнэрим

кыыһаллара,

Сүрэҕим төлөннөөх тапталы көрдүүрэ,

Сааһырбыт дьон миэхэ сананан да

сыыһаллара,

Сүрэҕим төлөннөөх тапталы көрдүүрэ.

 

Арай дьэ эн алҕаһыы даҕаны барбатаҕыҥ,

Ол курдук эн уратыҥ диэн улуу этиҥ,

Өйбүн-сүрэхпин абылаан кээспитиҥ

барытын,

Ол курдук эн уратыҥ диэн улуу этиҥ.

 

Мин эйигин бэйэбэр тэҥнээхтии

таптаабытым —

Улуу буоларгын онно бастаан билбитим,

Олохпун барытын мин эйиэхэ анаабытым,

Улуу буоларгын онно бастаан билбитим.

 

Эн оҕоҕор түстэххинэ, мин ийэҥ буоларым,

Оччоҕо күнүм эйигиттэн тахсара.

Оттон мин атаахтыыр кэммэр, эн аҕам

буоларыҥ,

Оччоҕо күнүм эйигиттэн тахсара.

 

Эн биһикки иккиэн оҕолор курдук этибит

Ол үйэ-саас тухары өйдөнөн хаалбыт,

Ол аата эн биһикки иккиэн олус диэн эдэрбит,

Ол үйэ-саас тухары өйдөнөн хаалбыт.

 

Арааһа, эн алҕаһыы даҕаны барбатаҕыҥ,

Ол курдук эн уратыҥ диэн улуу этиҥ,

Өйбүн-сүрэхпин абылаан кээспитиҥ

барытын,

Ол курдук эн уратыҥ диэн улуу этиҥ.

 

 

Перейти к содержимому