Оскуоланы бүтэрбиппит
Олус даҕаны ырааппыт.
Хайыы-үйэҕэ бу кэлбит
Хааман-сиимэн кырдьар сааспыт
Хайыахпыт баарай? Кэм-кэрдии
Хагдарытар сэбирдэхтии,
Ол эрэн син биир барыбыт
«Оҕолоор!» дэһэ сылдьабыт.
Ол аата кэлин дьоннорго
Улааппыт кэрэ кэмнэрэ
Тэтимнээхтик олорорго
Тирэх буолан эрдэхтэрэ.
Үөрэр-көтөр үрдүк чааспыт,
Үүнэр-сайдар эдэр сааспыт
Харахтара арылхайдар,
Хардыылара чаҕылхайдар!
Үйэ аҥаарын устата
Үлэлээн-хамсаан биэрдэхпит,
Саҥа олоххо тус-туспа
Санаалаах дьоннор киирдэхпит.
Арай эдэркээн сааспытын,
Ахтылҕан буолан ааспытын,
Уруккубут курдук бары
Уруйдуубут-айхаллыыбыт.
Оскуоланы бүтэрбиппит
Олус даҕаны ырааппыт.
Хомуллан бары кэлбиппит
Кураанах курдук кылааспыт.
Уолаттарбыт-кыргыттарбыт
Олус да эрдэ барбыккыт…
Киммит суоҕун манна санаан,
Кэриэстиэҕиҥ аатын ааттаан.
Кэпсиэҥ дуо мээнэ, үлүбүөй
Киһи олоҕун барытын —
Үйэ аҥаардаах үбүлүөй
Үөрүүнү эрэ аҕаллын.
Үйэбит-сааспыт тухары
Үтүө махталы кытары
Өйдүү-саныы сырыттахпыт
Үөрэммит оскуолабытын.
Көрдөөх-нардаах учууталлар
Күлэн-оонньоон ааһаллара,
Дьоһун-мааны учууталлар
Дууһабытын аһаллара.
Билии-көрүү киэҥ аартыгар
Биһигини таһаарбыккар,
Оо, эйигин,оскуолабыт,
Уруйдуубут-айхаллыыбыт!