Үтүөкэн кыргыттар, уолаттар,
Өссө биирдэ өйдөөн истинг:
Харчы иһин, хамнас иһин,
Хайдах да муҥнаныҥ-сордонуҥ,
Хаһан да учуутал буолбаттар,
Өй-сүрэх үөрүүтүн арыйар,
Өй-санаа үүнүүтүн салайар
Үчүгэй учуутал буолбаттар.
Үтүөкэн кыргыттар, уолаттар,
Өссө биирдэ өйдөөн истиҥ:
Харчы иһин, хамнас иһин,
Хайдах да муҥнаныҥ-сордонуҥ,
Хаһан да быраас да буолбаттар,
Сүүһүнэн ыарыыны үтүөрдэр,
Сүбэлэн-амалаан сүр үөрдэр
Үчүгэй быраас да буолбаттар.
Үтүөкэн кыргыттар, уолаттар,
Өссө биирдэ өйдөөн истиҥ:
Харчы иһин, хамнас иһин,
Хайдах да муҥнаныҥ-сордонуҥ,
Хаһан да үтүө дьон буолбаттар,
Киһи диэн мааныта бөҕөлөөх,
Ким наада буолбукка көмөлөөх
Хаһан да үтүө дьон буолбаттар.