ХАРА СЫБАР

Ханна эрэ бараары мин

Хара сыбары кэтэбин,

Хатылаан өссө этэбин:

Хара сыбары кэтэбин.

 

Муҥутах, кэнэн буоламмын

Мунуо да суохпар мунабын,

Муҥунан суолбун булабын

Муҥутах, кэнэн буоламмын.

 

Ол эрэн тиийиэхтээх сирбэр

Ону ол диэбэккэ тиийэр

Улахан сорук иннибэр

Ол эрэн син биир кэтэһэр.

 

Хара сыбарга мин киирэн

Хайдах эрэ син үөрэнэн,

Хаамабын от-мас үрдүнэн

Хара сыбарга мин киирэн.

 

Хара сыбары бүгүн мин

Хайдах туорууру билэбин,

Хатылаан өссө этэбин:

Хайдах туорууру билэбин.

 

Хара сыбары кэтэллэр

Хаһан даҕаны эдэрдэр,

Хара маҥнайгыттан, биллэр,

Хара сыбары кэтэллэр.

 

Хас биирдиилэрэ кинилэр

Хайдахтаах курдук кэрэлэр –

Хаайтаран хаалбат инилэр

Хара сыбарга кинилэр!

Перейти к содержимому