Үүт маҥан тумантан барыйа,
Өһүрбүт дуу курдук,
Бу caҥa дьыллааҕы харыйа
Болуоссакка турбут.
Үргэммит ырыган туруйа
Өйбөр көтөн түһэр…
Маннык этиҥ дуо эн, харыйа,
Баараҕай тэҥкэҕэр?
Ханнаҕыт хаарыан санааларым?
Ханнык буурҕа түстэ?
Күп-күөх хоп-хойуу лабаалары
Туох суйдаан кэбистэ?
Билиҥҥи дьыллааҕы хараастыы
Бэлиэтэ дуу биллэр,
Caҥa дьылга caҥa таҥнастыы
Билгэтэ дуу биитэр?..
Ханныгын да иһин caҥa дьыл,
Эн эмиэ кэллэҕиҥ –
Дорообо, тоҕус уон иккис сыл,
Эн ыл эҕэрдэбин!